Хас биирдии киһи өбүгэ үгэһин сыаналыыр, төрөөбүт дойдутун таптыыр буоллаҕына, олоххо элбэҕи ситиһэр.
Уус-Ньара бөһүөлэгэр «Ситим» фольклорнай куруһуок 2022 сыл балаҕан ыйыттан Өймөкөөннөөҕү дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөнү оҥорор кииҥҥэ (уруккута детдом) үлэтин саҕалаабыта.
Куруһуокка араас саастаах оҕолор интэриэһиргээн сылдьаллар. Кинилэр манна саха норуотун култууратын, үтүө үгэстэрин туһунан үгүс саҥаны билэллэр-көрөллөр, элбэх кэнсиэрдэргэ, куонкурустарга кыттыыны ылаллар.
Оҕолор баһыйар аҥаардара хомуһу кытта эрдэ алтыспыт буолан, бу инструмеҥҥа хайдах оонньууру билэллэр. Саҥа үөрэнэр оҕолорго туспа болҕомто ууран, бириэмэ анаан үлэ тэриллэр. Оҕо интэриэстээх буоллаҕына түргэнник ылынар, хараҕын уота умайан, хас да сыл хомуска оонньообут биир саастыылаахтарыттан туох да итэҕэһэ суох оонньуур буолар.
Ааспыт 2023 сылга биһиги сүрүн ситиһиибит диэн — өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар куонкуруска 2-с, 3-с миэстэ, тохсунньуга «Чарующие звуки хомуса» VIII төгүлүн ыытыллар аһаҕас оҕо күрэхтэһиитигэр бөлөҕүнэн кыттыбыттар диплом, соҕотохтуу ыллаабыттар 3 истиэпэннээх лауреат буолан, оҕолор таһымнара үрдээн, билиилэрэ эбиллэн интэриэстэрэ өссө күүһүрэн, куруһуокка сөбүлээн сылдьаллар.
Маны таһынан куруһуокка сылдьар оҕолору кытта сахалыы остуол оонньууларын тэрийэбит: хабылык, хаамыска, бэйэбит кииммит иһигэр кыра куонкурус оҥорон оҕолор интэриэстэрин тардабыт. Инники былааммытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи остуол оонньууларын күрэҕэр кыттар баҕа санаа баар.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Мария Гермогенова, эбии үөрэхтээһин педагога, Уус-Ньара