“Кэскил” уһуйаан: төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэн

Томтордооҕу «Кэскил» уһуйаан сылын аайы оҕолорго «Мин дойдум Өймөкөөн — Тымныы оройо» диэн дьарыгы тэрийэр.

Быйыл бу дьарыгы эдэр практикант-иитээччи Сулусчаана Зыкова, уопуттаах педагог Анастасия Соколова, физинструктор Галина Дягилева иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кинилэр оҕолору дьарыкка улууспут аан дойдуга тугунан аатырарын, ким бастаан манна тымныыны бэлиэтээбитин, Өймөкөөҥҥө туристар тоҕо сэҥээрэн ыалдьыттыы кэлэллэрин туһунан билиилэрин тургутан оонньоттулар.

Иитээччилэрбит уһуйаан оҕолорун төрөөбүт кыраайдарын таптыырга, дойдуларынан киэн туттарга, үтүө дьон буола улааталларыгар кыһаллан, сыраларын ууран туран үлэлииллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Галина Васильева, «Кэскил»  уһуйаан иитээччитэ, Томтор

Читайте дальше