“Көмүс күһүн бэлэхтэрэ” үгэскэ кубулуйбут дьаарбаҥкаҕа

Соторутааҕыта Төрүт оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» бырааһынньык буолла. Тэрээһин дириэктэр сүбэһитэ, иитэр үлэни тэрийээччи Варвара Дьяконова иилээн-саҕалаан, икки түһүмэҕинэн барда.

Бастакы түһүмэххэ оҕолорго анаан оонньууну тэрийдилэр. Ол кэнниттэн кылаастарынан “Көмүс күһүн бэлэхтэрэ” диэн көрдөрүү, атыы дьаарбаҥката буолла.

Итини таһынан төрөппүттэр араас үүнээйиттэн, айылҕа бэлэҕиттэн кыһыҥҥыга хаһааныыга соҕотуопка оҥорууга маастар-кылаас көрдөрдүлэр, ол быыһыгар босхо лотерея оонньонно. Лотереяҕа биэс кыайыылаах  Варвара Олеговна бэйэтэ оҥорбут соҕотуопкаларын бэлэх ылан үөрдэ.

Онон күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа ас арааһа тардыллан, элбэх киһи тоҕуоруһан, көрөн-истэн, наадаларын ылан тарҕастылар, сэргэх, туһалаах тэрээһин ааста.

Елена Черемкина, биһиги общ. корр., Төрүт

Читайте дальше