Үчүгэй нэһилиэгэр соторутааҕыта РФ Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн “Ытык дьиэ кэргэн кистэлэҥэ” диэн бу түөлбэ ытыктанар олохтоохторуттан биирдэстэрэ, Дьоруой ийэ Меланья Петровна уонна “Ытык аҕа” бэлиэ хаһаайына Иван Михайлович Карповтар кэриэстэригэр ахтыы-киэһэ ыытылынна. Карповтар сыдьааннара дьоннорун утумнаан оҕолонон-урууланан, үлэни өрөр тутан, норуот хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр, убаастанар дьон буоллулар. Ииппит төрөппүттэрин туһунан уоллара Михаил Карпов ахтыытын билиһиннэрэбит.
Мин 1952 с. Чурапчы оройуонун Уорҕа нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Аҕам Михаил Павлович Чурапчыттан, ийэм Бурнашева Ульяна Терентьевна Тааттаттан төрүттээх этилэр.
Хомойуох иһин, ийэбит мин 6 саастаахпар, кыра балтыбыт 3 саастааҕар эдэр сааһыгар ыалдьан өлөөхтөөбүтэ. Аҕабыт 60 сааһыгар огдообо хаалан, биһигини иитэр туһугар туох да үлэттэн толлубакка, сопхуоска араас үлэҕэ мискиллибитэ. Ийэбит төһө да ыарыйдар, сып-сап туттуулаах, хаһан да мөхпөт, сымнаҕас майгылаах этэ. Кинини наһаа суохтаабыппыт. Ол да буоллар дьоммут кыра эрдэхпититтэн эйэлээх буоларга, үлэҕэ сыһыаран үөрэппит буолан, дьиэни, кыра кыргыттары эдьиийдэрим Феклалаах Настя, кып-кыра дьон, көрө сатыыллара. Онтон табыллыа суохпут диэн аҕабыт, убайбыт Иван Михайлович Карпов Өймөкөөҥҥө көһөрөн илдьиэм диэбитин үөрүүнэн ылынан, 1963 сыл сааскы каникул кэмигэр көһөргө быһаарынныбыт.
Уорҕабыт дьоно ыраах хоту барарбытын билэн, ким туох кыалларынан таҥаһынан, аһынан, харчынан көмөлөстүлэр. Мин 10 саастаах да буолларбын, олус оттомноох буолан, ону өйдүүбүн. Сорохтор убайым кэргэнэ эдэрэ бэрт, үс сыллата кыыстаах, хайдах өссө 7 киһини иитиэхтэрэй диэн саллар, саарбаҕалыыр этилэр.
Саҥаһым Меланья кыраһыабай, сытыы, дьаһаллаах аҕай, убайым кини этэрин барытын ылынар, инньэ гынан түргэнник хомунан, Чурапчыттан оптуобуһунан Дьокуускайга айаннаатыбыт.
Олус үөрбэппит, син төрөөбүт дойдубутуттан арахсан эрэрбитин билэбит быһыылаах. Аэропорка тиийэн күн-дьыл туругуттан көппөккө хас да хоннубут. Хата, дьоммут биһигини, билигин санаатахпына, улахан баҕайы маҕаһыыҥҥа сырытыннаран, таҥас-сап, кыргыттарга оонньуур ыллылар.
Мин сөмөлүөтүнэн саҥа көтөр буолан, долгуйуу бөҕө. Порка киһи элбэҕэ, сүтэрсиэх курдукпут, дьоммут сэрэтэллэрин истэн, олордубут сирдэриттэн халбарыйбаппыт. Дьэ, «Ил 14» көтөр аалынан Томторго тиийдибит. Онно аан-бастаан летчик буолуохпун баҕарбытым.
Оччолорго дьоммут Томторго продснаб дьиэтигэр олороллор, номнуо 3 кыыстаах этилэр: Люба түөртээх, Люся иккилээх, Люда биирдээх. Инньэ гынан 24 саастаах саҥаспыт, 30 саастаах убайбыт 9 оҕолоох, кырдьаҕас аҕалаах улахан ыал буола түстүлэр. Оннук олохпутун булунан, Томтор оскуолатыгар интернакка олорон үөрэнэн бардыбыт. Эдьиийбит Фекла киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр, үлэлиир.
Ол сыл дьоммут Үчүгэйгэ көспүттэрэ, маҕаһыыҥҥа атыылааччынан иккиэн анаммыттар. Биһигини Өймөкөөн оскуолатыгар интернакка көһөрбүттэрэ. Үөрэнэ сылдьан, каникулбут буоларын кэтэһии буолара, дьиэ аһын ахтарбыт. Саҥаспыт ас арааһын астаан, түбүгүрэн да биэрэр этэ. Аны сүөһүлэрин көрөллөр, үлэлэригэр ыксыыллар. Хаһан сынньанара буолла?
Кини ийэтэ Балбаара сымнаҕас майгылаах, элбэх саҥата суох. Кини олус да минньигэс, наһаа да элбэх килиэби астыырын билиҥҥэ дылы саныыбын. Улахан дьиэ кэргэн икки сменанан аһыыр этибит. Бэйэбит сүүрбэччэбит. Кэлин дьоммут өссө 4 оҕоломмуттара. Аны ааһан иһэр айанньыттар, командировкалаах тойон-хотун сырыыта быстыбат, ол тухары остуол аһа көҕүрээбэт, билигин санаан сөҕөбүн эрэ.
Аҕабытын, убайбытын кытары кыһын куобахха, куруппааскыга туһах иитэбит, саас, күһүн кустуубут. Сайын оҕолор бары оттуу барабыт. Кэлин улаатан баран “Дьэкэй” диэн сиргэ оттуур этибит. Кыстыыр маспытын эмиэ бэлэмниирбит. Кыргыттар оҕо көрсөллөр, дьиэ үлэтигэр көмөлөһөллөр. Дьоммут үлэҕэ үөрэтэн ыарахантан толлубат, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөр буола улааппыппыт. Уонна бары олус эйэлээх этибит, улахан дьону убаастыы үөрэппиттэрэ.
Убайдаах саҥаһым үлэни тэҥҥэ үллэстэллэрэ, куруутун бииргэ сылдьаллара. Кинилэр Томтортон, Уус-Ньараттан дьон наадыйар табаардарын булан-талан, сырыы бөҕөтүн сылдьан, арыт массыыналара алдьанан, тоҥо да сыһар кэмнээхтэрэ. Ол курдук харса суох үлэлээн биһигини, аҕабытынаан 7 киһини, бэйэлэрин сэттэ оҕолорун иитэн, таҥыннаран-аһатан олордохторо.
Эдьиийим Настя, убайым Дима, мин, үһүөн 10 кылааһы Өймөкөөҥҥө ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиппит. Мин онус кылаас кэнниттэн « Оскуола — Производство- Үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыынан сылгыһыттыы бараары сырыттахпына, саҥаһым Меланья Петровна ыҥыран ылла, остуол аттыгар олордон баран: «Миша, оскуолаҕын үчүгэйдик бүтэрдиҥ, дуоспуруннаах, киһи эрэнэр киһитэҕин, баҕалаах үөрэххэр киирдэххинэ, биһигини үөрдүөҥ этэ», — диэн баран Дьокуускайга тиийэр дьонум, Бурнашевтар, аадырыстара суруллубут кумааҕыны уонна тэтэрээт лииһигэр сууламмыт харчыны остуолга уурда. Мин онно үөрбүппүөн, кистээн сылдьыбыт баҕам туолуоҕуттан! Хомойуох иһин, сатаан махтаммакка, «Баһыыба», — эрэ диэтим.
Куоракка сурукпун туппутунан Бурнашевтарга тиийэн, кинилэргэ үчүгэй баҕайытык олорон, эксээмэннэрбин туттаран, куонкуруһу ааһан, баҕалаах үөрэхпэр Иркутскайдааҕы авиационнай техническэй училищеҕа киирэн, үс сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Үөрэнэр да кэммэр Меланьялаах Уйбаан, бэйэлэрэ да элбэх оҕолоохторун үрдүнэн, каникулга кэлэрбэр-барарбар харчынан көмөлөһөр этилэр. Хайа, уонна эдьиийим Фекла кэргэнинээн Василий Константиновичтыын устудьуон киһи диэн харчы ыытан үөрдэллэрэ. Училище кэнниттэн Мирнэйгэ, Чурапчыга авиатехнигынан үлэлээбитим. Онтон олоҕум аргыһын, Лиза Варламованы көрсөн, ыал буолан Покровскайга олохсуйбуппут. Олус дьоллоохтук 27 сыл олорон, 2 кыыс оҕоломмуппут.
Хомойуох иһин, таптыыр кэргэним Хаҥалас улууһун Налоговай иниспиэксийэтин начаалынньыгын солбуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьан, эдэр сааһыгар ыалдьан күн сириттэн бараахтаабыта. Биһигини ааттатар 2 кыыстаахпыт. Саргылаана – экэнэмиис үөрэхтээх, “Бизнес-Якт” тэрилтэҕэ үлэлиир. Уоллаах кыыс оҕолоох, кэргэнэ Андрей Куприянов баһаарынай чаас үлэһитэ. Кыра кыыс Света менеджер. Кэргэнэ Петр Петров, идэтинэн электрик-инженер. Икки кыыс, биир уол оҕолоохтор.
Мин кэргэним Елизавета Михайловна дойдутугар, Орджоникидзевскай оройуон Ис дьыалатын отделыгар үлэбин рядовой милиционерынан саҕалаан, 2001 с. Дьокуускай куорат ИДь Управлениетыгар штаб начаалынньыгын солбуйааччынан, уопсайа 25 сыл үлэлээн, элбэх наҕараадалаах, полковник званиелаах түмүктээбитим, бочуотунай сынньалаҥҥа тахсыбытым.
2003 с. Саха сирин юстициятын Управлениетыгар үлэҕэ киирбитим. Онтон уларыта тутуу кэнниттэн Росреестр управлениетыгар салаа начаалынньыгынан сааһым ситиэр дылы үлэлээбитим, билигин каадырдар салааларыгар исписэлиистиибин. Үлэлээбитим тухары элбэх биэдэмистэ үбүлүөйдээх наҕаадаларыгар тиксибитим. Сыралаах үлэм сыаналанна диэн астынабын.
Убайым Дима аармыйа кэнниттэн киинэмэхээнньиктээбитэ. Онтон Красноярскайдааҕы милиция оскуолатын бүтэрэн, Покровскайга оройуоннааҕы Ис дьыала салаатыгар баһаарынай чааска үлэлээн, майор званиелаах биэнсийэҕэ тахсыбыта, кэргэннэммитэ. Кыыһа Лена билигин үлэһит, уол оҕолоох.
Меланья Петровна, Иван Михайлович Карповтар биһигини, 6 оҕону, бэйэлэрин 7 оҕолорун үтүө холобурдарынан иитэн, барыларыгар үөрэнэллэригэр, дьиэ-уот тэринэллэригэр сүбэ-ама буолан, үтүө үлэһит дьону иитэн таһаарбыттара.
Билигин дьоллоох олохпутун эргитэ санаан ыллахпына ардыгар биһигини, эдьиийдэрбин Фекланы, Анастасияны, убайбын Дмитрийы, балтыларбын Ульянаны, Марияны кинилэр курдук ыраас дууһалаах, аһыныгас сүрэхтээх, эр санаалаах, кыайыылаах-хотуулаах, мындыр өйдөөх дьон иитэ ылбатахтара буоллар хайдах дьылҕаланыахпыт эбитэ буолла диэн дьиксинэн ылабын…
Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрүнэн, барытыгар бииргэ сылдьар үтүө холобурдарынан, дьоҥҥо үтүө сыһыаннарынан, оҕолору, биһигини, үчүгэйдик үөрэнэн, үлэһит буоларга уһуйан маннык дьоллоох дьылҕаланнахпыт.
Олоҕум ситиһиилээх, дьоллоох буоларын түстээбит, биһигини үтүө холобурдарынан ииппит амарах санаалаах үтүө дьоммут, саҥаспыт Меланья Петровна, убайбыт Иван Михайлович ааттарын хаһан да умнуохпут суоҕа, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кинилэр олохторо холобур буолан номоххо киириэҕэ!
Күндү дьоммор, Меланья Петровнаҕа, Иван Михайловичка тыыннаахтарыгар эппэтэх махталым тыллара кинилэр оҕолоругар Любовь Ивановнаҕа, Люция Ивановнаҕа, Людмила Ивановнаҕа, Иван Ивановичка, Петр Ивановичка, Анатолий Ивановичка, Оксана Ивановнаҕа, кинилэр кэргэттэригэр, сиэннэригэр тиийдиннэр, алгыс буоллуннар!
Төрөппүттэрин дьоһун олохторо кинилэргэ холобур буоллун!
Михаил КАРПОВ, ИДЬМ бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ, милиция полковнига, юстиция сүбэһитэ, Дьокуускай к.