Томтор нэһилиэгин “Кэскил” уһуйаанын иитээччитэ Елена Иванова оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго чабырҕах, тойук, таабырын, остуоруйа, олоҥхо курдук норуот айымньыларын үөрэтэрин таһынан, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр эмиэ уһуйар.
Үҥкүү улахан иитэр суолталаах. Хайа баҕарар оҕо муусуканан үөрэ-көтө наҕыл эбэтэр эрчимнээх хамсаныылары оҥорорун сөбүлүүр, эстетическай дуоһуйууну ылар.
Үҥкүүлүүр оҕо эт-хаан өттүнэн сайдар, туттара-хаптара, фантазията баай буолар, артистическай дьоҕура сайдар, уопсай култуурата, билиитэ-көрүүтэ үрдүүр.
Үҥкүүнэн дьарыктанар оҕо кэлин улаатан баран кэрэҕэ, сырдыкка, үрдүккэ тардыһар буолар. Ханнык баҕарар ыарахаттартан толлон турбат буола улаатар, инники олоҕор үҥкүү сабыдыала улахан күүс-көмө буолар.
Елена Титовна туһунан төрөппүттэр уонна үөрэппит оҕото тус санааларын маннык үллэстэллэр:
“Елена Титовна, бастакы «Дайаана « ансаамбылыҥ оҕолоруттан, төрөппүттэриттэн эҕэрдэ Үҥкүү күнүнэн! Бу курдук куруутун сүүрэ-көтө, ойо-тэбэ, айа-тута сырыт! Санаабытыҥ сатаннын, баҕарбытын барҕара туоллун! Үҥкүүгэ уһуйбут оҕолоруҥ бэлиэр ыал буолан, аны кинилэр оҕолорун эмиэ үҥкүү алыптаах долгунугар сыһыара сылдьаҕын”.
* * *
“Бүгүн уһуйааҥҥа «Сааскы таммахтар» диэн күрэх-кэнсиэр буолан ааста. Биһиги «Кэскил» уһуйааммыт оҕолоро маладьыастар. Үнкүүһүт бэрдэ, бастыҥ иитээччи Елена Титовнаҕа эҕэрдэ, махтал үтүөтэ буолуохтун, өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт”.
* * *
Диана Винокурова, хореография салаатын уһуйааччыта:
— Елена Титовна идэтигэр олус бэриниилээх, хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыаннаах, оҕону таптыыр уһуйааччы. Кини мин бастакы уһуйааччым, үҥкүүгэ бастакы учууталым, онон кини иҥэрбит дьоҕура, билиигэ тардыһыыга такайыыта олохпор үтүө аргыс буолбута. Билигин кини үөрэтэн таһаарбыт оҕолоро аны миэхэ дьарыктаналлар.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Биһиги корр.