Мин 2009 сылтан Томтор нэһилиэгэр суорумньу кулуубун салайан үлэлэппитим. Кулууп үлэтэ ыаллыы сытар Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы нэһилиэгэр сулумах ыччаттары илдьэ барыыттан саҕаламмыта.
Соторутааҕыта Горнай улууһун уонна Дьокуускай суорумньуһуттара Арчылаана Егорова ыҥырыытынан Нам Хамаҕаттатыгар бара сырыттыбыт.
Тэрээһиммит “Түһүлгэ» сынньанар кииҥҥэ олус истиҥник буолан ааста.
Быйыл «Кыыс ыһыаҕа» ыһыллар буолбута 20 сылын туолар, онно бэлэмнэнии саҕаланан эрэр. Онон сулумах дьон эрдэттэн миигин кытта сибээстэһэргитигэр ыҥырыам этэ.
«Арчылаана» билсиһии агентствотын салайааччыта Арчылаана Егорова Хамаҕатта нэһилиэгэр суорумньуһуттар тэрээһиннэрин туһунан маннык кэпсээтэ.
— Соторутааҕыта Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр ыытыллыбыт «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ» диэн билсиһии биэчэригэр кэлэн мааны ыалдьыт буолбут суорумньуһуттарбар — Горнай улууһун «Арчыына» суорумньу кулуубун салайааччыта Альбина Султашоваҕа, Өймөкөөн улууһун «Дьүкээбил» суорумньу кулуубун салайааччыта Валентина Прокопьеваҕа уонна «Аналгын көрүс» ыал буолуу агентствотын салайааччытыгар Александра Сивцеваҕа ис сүрэхтэн махталбын тиэрдэбин.
Бу күннэргэ төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс тэрээһин буола турарын иһин, биһиги дьоро киэһэбитигэр 50-ча киһи сырытта. Олор истэригэр үс паара бэйэ-бэйэтин кытта билистэ. Покровскай куораттан сылдьар кэрэ аҥар уонна Нам улууһун эрэллээх эр киһитэ «Бастакы көрүүттэн таптал» диэн бырайыакка бэйэ-бэйэлэрин талан, биэчэри быһа бииргэ сылдьан, чугастык билистилэр.
Бу тэрээһин үрдүк таһымҥа барарыгар өйөбүл буолбут улууспут баһылыгар Юрий Слепцовка, кинини социальнай боппуруостарга солбуйааччы Юрий Дьяконовка, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыгар Евгений Ушницкайга махталым муңура суох.
Суорумньу истиҥ киэһэтигэр Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Өймөкөөнтөн, Хаҥаластан, Сунтаартан, Уус Алдантан, Амматтан, Тааттаттан, Нам улууһун араас нэһилиэктэриттэн уонна дьоллоох
Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх кэргэним Владимир Сергеевич Егоров дойдутуттан, «Өймөкөөн» НКО бырабылыанньатын аатыттан уонна Анна Атастырова салайааччылаах Өймөкөөн землячествотын ааттарыттан Махтал суруктары тутан үөрүүм үрдээтэ.
— Өссө да маннык тэрээһиннэр буола турдуннар, соҕотоҕун сылдьар дьон аҕыйаатын, Сахабыт сиригэр элбэх оҕо төрөөтүн-ууһаатын. Бары биир санаалаах, түмсүүлээх буолуоҕуҥ! — диэн санаатын эттэ Арчылаана Андреевна.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Валентина Прокопьева