Күндү Өймөкөөн улууһун олохтоохторо!

Бүтүн Арассыыйатааҕы суолталаах бырааһынньыгынан — Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!

Үгүс дьоҥҥо дьиэ кэргэн уонна таптал сүрүн сыаннастарынан хаалалларын бигэргэтэр бырааһынньык суолтата сыл аайы үрдээн иһэр. Быйылгы сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан биллэриллибиттэрэ. Дьиэ кэргэҥҥэ киһи ис эйгэтэ, майгыта-сигилитэ, интэриэһэ үөскүүр, Ийэ дойдуга таптал, үлэһит, аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабыл иитиллэр.   Дьиэ кэргэни кэмигэр өйөөһүн уонна бөҕөргөтүү, кини социальнай хааччыллыытын үрдэтии, ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстааһын, демографическай балаһыанньаны тупсарарга усулуобуйаны тэрийии – олохтоох салайыныы уорганнарын сүрүн соруктара.

Дьиэ кэргэҥҥитигэр таптал, бэйэ-бэйэни өйдөһүү куруук баһыйдын, инникигэ эрэл эһигиттэн хаһан да арахсыбатын, былааннаргыт ситиһиилээхтик олоххо киирэн иһэллэригэр ис сүрэхпититтэн баҕарабыт. Төһөнөн элбэх дьоллоох ыаллар бааллар да, соччонон оҕолор үөрүүлээх күлүүлэрин элбэхтик истэбит да, соччонон улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойдубут күүстээх буолуоҕа. Кэлэн иһэр Дьиэ кэргэн бырааһынньыгынан!

“Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтата

 

Читайте дальше