Үтүө киһи кэрэмэһэ, учуутал бастыҥа

Биһиги бары күндүтүк саныыр, ытыктыыр киһибит, РФ үтүөлээх учуутала, РФ, СӨ уопсай үөрэхтээһин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Учууталлар Учууталлара, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Мария Поликарповна Боярова 80 сааһын туолла.

Мария Поликарповна олоҕун бүтүннүү үөрэхтээһин эйгэтигэр анаабыт, учуутал үрдүк аатын өрө туппут, идэтин дэгиттэр баһылаабыт, билиитин-көрүүтүн таһымынан, ис-тас туругунан, үрдүк култууратынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыанынан, интеллигент быһыытынан биир бастыҥмыт, биһиги, өймѳкөѳннөр, киэн туттар киһибит.

Мария Поликарповна 1969 с.  Томтор орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго мин 6-с кылааска үѳрэнэр этим. Мария Поликарповнаҕа үѳрэммэтэҕим да буоллар, учууталым курдук ылынабын. Педагог буолан оскуолаҕа үлэлиирим тухары, 1986-2021 сс., ол эбэтэр 35 сыл устата  кинилиин бииргэ тилэх баттаһа үлэлээбитим. Онон киниттэн элбэххэ үѳрэммитим, уһуйуллубутум, күн бүгүнүгэр диэри бастыҥ холобур оҥостобун, махтанабын, олоҕум суолугар кѳрсүбүппүттэн, чугастык алтыспыппыттан үөрэбин.

 

Мария Поликарповна кэргэнинээн Слепцов Спиридон Васильевичтыын оҕолору дойдубут бэлиэ сирдэринэн араас походтарга, эспэдииссийэлэргэ илдьэ сылдьаллара. Ол түмүгүнэн, 1992 с. Томтор орто оскуолатын иһинэн тѳрѳѳбүт дойду устуоруйатыгар олоҕурар литературнай түмэл тэриллибитэ. М.П. Боярова үѳрэх кыһатыгар оҕолору кытары үлэлиирин тухары тѳрѳѳбүт дойду устуоруйатын үѳрэтии олоҕун оҥкула буолбута. Онтон саҕалаан Өймѳкѳѳн улууһун уруккутун сырдатар, уратытын кэпсиир, киэҥ эйгэҕэ таһаарар кыахтаммыппыт.

Саха норуотун суруйааччыта Семен Данилов «Тѳрѳѳбүт буорун, тѳрѳѳбүт силиһин аанньа ахтыбат, ытыгылаабат оҕоттон үтүѳ киһи тахсыбат» диэн бэрт бэргэнник этэн турар.  Оскуола иитэр-үѳрэтэр үлэтигэр үүнэн эрэр ыччаты сиэр-майгы, ѳй-санаа ѳттүнэн, сайдам санаалаах киһи киһитин иитэн, такайан таһаарарга, олоххо бэлэм тахсарын туһугар түмэл үлэтэ биир сүрүн хайысханан буолбута. Оҕону кыра эрдэҕиттэн тѳрѳѳбүт дойдутун, аймаҕын, үтүѳ дьонун олоҕун-дьаһаҕын, устуоруйатын билэ, ытыктыы, киэн тутта, кэлэр кэскилигэр эрэллээх буола үүнэригэр уһуйууну үѳрэх кыһата түмэл үлэтигэр олоҕуран, үрдүкү кэрдиискэ туруорбута.

Мария Поликарповна сүрдээх таһаарыылаахтык «Поиск» диэн куруһуогу салайан үлэлэппитэ. Тэрийбит түмэлэ ыччаты патриотическай, интернациональнай тыыҥҥа иитии киинэ буолбута. Куруһуогун оҕолоро өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска, нэһилиэккэ сыл аайы ыытыллар тэрээһиннргэ, НПК-ларга куруутун ситиһиилээхтик кытталлара. А. Сахаров, В. Шаламов, Б. Ручьев аатынан мусуойдары кытары күн бүгүнүгэр диэри суруйса, билсэ олороллор.

М.П. Боярова маны таһынан 1940-с сс. суол тутуутугар, бырамыысалыннаска үлэлээбит, репрессияҕа түбэһэн, биһиги улууспутугар кэлэн «буруйдарын» толуйбут биллэр дьону, кинилэр аймахтарын кытары ыкса сибээһи тутар. Мария Поликарповна тэрийбит түмэлин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, араас омук дойдуларыттан кэлэр туристар, блогердар, ыалдьыттар интэриэһиргииллэрэ үксээн иһэр.

Куруһуогун оҕолоро репрессияҕа түбэспит суруйааччылар айымньыларынан хоһооннору араас тэрээһиннэргэ ааҕалларын олус сэргээн истэллэрэ. Мария Поликарповна салайааччы быһыытынан оҕо ааҕар айымньытын ис хоһоонун ѳйдүүр турукка киллэрэн, хас биирдии тылын чочуйан, тыла-ѳһѳ чѳллѳркѳй буоларын ситиһэрэ. Хоһоон ааҕыан баҕарар оҕо олус элбэх буолара, бэйэлэрэ кѳрдѳһѳн кини куруһуогар сылдьаллара.

Тѳрѳѳбүт Ийэ сир устуоруйатын үѳрэтии үөрэнээччи билиигэ-кѳрүүгэ тардыһыытыгар, айар дьоҕурун сайыннарыытыгар умсулҕаны үѳскэтэрэ саарбахтаммат.

Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатыгар Мария Боярова олохтообут түмэлэ үүнэн эрэр кѳлүѳнэ үтүѳ дьон буолан тахсыытыгар тѳрѳѳбүт түөлбэтин, кыраайын, биир дойдулаахтарын ытыктыыр, билбитин-кѳрбүтүн киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр, сѳптѳѳхтүк сыаналыы, кэриэстии үѳрэнэригэр, иитии-үѳрэтии үлэтигэр биир сүрүн, тугунан да кэмнэммэт күндү кэрчигинэн буолар.

Билиҥҥи уустук кэмҥэ гражданскай, патриотическай, интернациональнай тыыҥҥа ыччаты иитии инники күѳҥҥэ таҕыста, хаһааҥҥытааҕар да сытыырхайда. Онон  түмэл үлэтин тэтимин сүтэрбэккэ, ѳссѳ улахан суолтаны ылан, далааһыннаах үлэни салгыы ыытыа турдаҕа.

Үѳрэх кыһатыгар эдэр эрчимнээх сылларыттан үлэлиирин тухары Мария Поликарповна күн бүгүнүгэр диэри улахан кыһамньытынан, билиитинэн-көрүүтүнэн, үтүө сүбэтинэн-аматынан муударай, бастыҥ киһибит буолар. Үлэлээбит кэлэктиибин кытары куруутун сибээһин быспатыттан, билсэ олороруттан олус үѳрэбит.

Анастасия Скрыбыкина, СӨ үѳрэҕин туйгуна, СӨ уопсай үѳрэхтээһин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Томтор

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

 

Читайте дальше