Удьуор табаһыттар сыдьааннара олоҕун устата үлэ үөһүгэр

85 сааһын туолаары сылдьар ийэ, эбэ, ытык киһи Анна Григорьевна Сивцева элбэх оҕолоох табаһыт ыалга төрөөбүтэ.  Төрөппүттэрэ — ийэтэ Акулина Павловна, аҕата Григорий Яковлевич Громовтар диэн этилэрэ.

Ийэм 9 сааспар сырыттахпына балтыбын Варяны төрөөрү хаана баран күн сириттэн  бараахтаабыта. Онон балтыларбар эдьиий киһи буоларым быһыытынан, эрдэттэн боччумуран барбытым. Эдьиийим Наталья кэргэн тахсан атын ыстаадаҕа көһөн барарыгар миигин таҥаспын-саппын  хомуйан илдьэ баран истэҕинэ  аҕам:  “Эн эмиэ бараары гынныҥ дуо?” — диэбит, уу-хаар баспыт харахтарын көрөн, кинини аһынан хаалбытым, — диэн сэһэргиир Анна Григорьевна. — Онтон ыла дьонум астарын-таҥастарын бэрийэн, “ийэ” эбээһинэһин сүкпүтүнэн бардаҕым.

Сайынын отуу курдук отунан оҥостон, “Сээридьаах” диэн сиргэ олорор этибит. Манна биһигини кытта эмиэ элбэх, 8 оҕолоох ыаллар сайылыыллара — Слепцов Баһылайдаах, кэргэнэ Анна Михайловна. Оҕолор бары таба көрсөрбүт. Таба барыта сопхуос табата, 3 тыһыынча кэриҥэ баара, кэтэх таба диэн суоҕа. Булдунан эрэ олорорбут. Аҕабыт бултуу баран кэллэҕинэ бастаан атаҕын көрөрбүт, этэрбэһэ хааннаах буоллаҕына үөрүү-көтүү өрөгөйө буолара, күөстэнэн, тото аһаан утуйарбыт. Онтон мэлийээхтээбит буоллаҕына хайыахпытый, суку-сакы аччык утуйарбыт. Ити 3 тыһыынча табаны энчирэппэккэ иитэн- көрөн олорон. Сокуон оннук кытаанах этэ, — диэн Анна Григорьевна сэһэргиирин истэ олорон кэргэним Илья Яковлевич ийэтэ Александра Ивановна Таркова кэпсээбитин санаан кэллим: «Таба сайын өллөҕүнэ, хас өлбүт таба өлүгүн булан, этин хатаран баран бэрэмэдэйгэ уган, устар сайыны  быһа тиэйэ сылдьарбыт уонна сопхуоска кыһынын аҕалан туттарарбыт. Ол аата итэҕэстэнимээри. Оччолорго миэрэ кытаанах этэ. Ол өлүктэри саһылга сиэтэн эрдэхтэрэ буолуо дуу”.

Төһө да уустук олох буоллар, оҕолор оскуоланы бырахпакка үөрэнэ сылдьыбыттара. Анна Григорьевна кэлин Скрыбыкина Елена Егоровнаҕа олорон “Сталин” аатынан колхуоска саһыл иитиитигэр үлэлээбитэ. — Олорор сирбититтэн син тэйиччи этэ, 4 биэрэстэ курдук сиргэ сарсыарда 4 чааска туран барар этим. Ыллык устун үҥкүүлүү-үҥкүүлүү барарым, ол аата оту-маһы аһынан, тосту үктээмээри. Дьикти толкуйдаах эбиппин, — диэн ол кэмнэри ахтар А.Г. Сивцева. — 1958 сыллаахха миигин Дьокуускайга зверовод үөрэҕэр ыыттылар. Үөрэхтэнэн, “Өймөкөөн” сопхуоска Томторго звероводтаатым, аны кэлин сэбиэдиссэйдээтим. Оччолорго үлэбит көрдөрүүтэ ортотунан этэ, уһулуччу этэ диир кыах суох. 1961 с. Сивцев Байбалга кэргэн таҕыстым. Сопхуос салайааччылара миигин уонна Туласынова Евдокия Яковлевнаны үүт тутар-астыыр молоканканы сөргүтэн үлэлээҥ диэн ыыттылар. Дьэ, онно үлэ кытаанаҕар тигистибит. Сайыҥҥы кэмҥэ 8 пиэрмэ үүтүн астааһына, 4 сэппэрээтэри илиинэн эрийии, үүт хаачыстыбатын хонтуруоллааһын кытаанаҕа. Оччолорго ыал ийэлэрэ, сүөһүлээх-хаһаайыстыбалаах дьон, сайынын дьиэбитин түүн үөһүгэр, 12 чаас саҕана, буларбыт.

Анна Сивцева үөрэххэ, сырдыкка тардыһыыта күүстээх буолан, Иваново куоракка баран үөрэммитэ, өр сылларга сопхуоска кассирдаабыта, онтон 2006 сылга дылы сельсовекка бухгалтерынан үлэлээбитэ.

  • Биһиэхэ өрүүтүн аймахтарбыт оҕолоро кыстыыллара. Ынах сүөһүнү олохпут устата тутар этибит. Сүөһүнү эспиппит аҕыйах сыл буолла. Олоҕум устата түмүгэ көстүбэт, ыарахан үлэ курдук этэ да, “наһаа сылайа-элэйэ үлэлээбитим” диэбэппин. Киһи тыылыы тэптэҕинэ эрэ сынньанара буолуо. 90-с сыллартан сүөһү иитиитинэн аҕабыт Байбал ылсыһан үлэлээбитэ. Сайыҥҥы ыйдарга Бүүчээннээхэ 150-200 төбө субан сүөһүнү кэргэмминээн иккиэйэҕин көрөрбүт. Ыһыллыы кэмэ буолан арыт хойутаан ылан, алтынньы-сэтинньи ыйдарга дылы тиэрдэллэрэ. Уолаттарым оскуоланы бүтэрээт, үөрэх эккирэтиитигэр буолан, сүөһүгэ букатын хойутаан сыстыбыттара.

Билигин ыстаадабын, оҕо сааһым ааспыт сирдэрин, Үс-Күөлү, тыаларбын, хайаларбын, сайылыкпын Бүүчээннээҕи наһаа ахтабын, — диэн түмүктээтэ кэпсээнин Анна Григорьевна.

Кини билигин даҕаны быар куустан олорбот, сүтэн эрэр былыргы ньыманан таба  моонньун түүтүнэн оһуордуурун кэрэхсээтим. Уонна ымыы гынан илдьэ сылдьар таастарын көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ, ол таастара бары анал ааттаахтар, хаһан, хантан булбутун сиһилии сырдатта.

Анна Григорьевна Сивцеваҕа өссө да уһун үйэни, этэҥҥэ эрэ буолууну баҕарабын.

Марианна Таркова, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар «Ай-Молкээн” Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, Томтор

Читайте дальше