Томтор нэһилиэгин эр дьоно түмсэ түһэн соторутааҕыта «Дойдум дьоно» бырайыак чэрчитинэн Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр ыытыллыбыт күрэххэ кыттыбыттара.
Аны бу күннэргэ кинилэр хаҥкылыыр сир оҥорор түбүгэр сылдьаллар.
Эр дьоммут олохтоохтору кытта сүбэлэһэн баран, каток оҥоһуллуон сөптөөх миэстэтин булан, үлэлэрин саҕалаатылар.
Сааскы күммүт кыаҕын ылан иһиэҕэ. Ону кытта оҕо-аймах, улахан да дьон сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа сынньаныахтара турдаҕа.
Дария Тихомирова, биһиги общ. корр., Томтор