Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө хочуолунайдары кыстыкка бэлэмнииллэр

Быйыл Өймөкөөн улууһугар кыстыкка эбийиэктэри бэлэмнээһиҥҥэ “Сахаэнерго” уонна “Теплоэнергосервис” акционернай хампаанньалар исписэлиистэрэ тэтимнээх үлэни ыыталлар.

«Сахаэнерго» АУо пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кыстыкка бэлэм тэрилтэ аайы  анал олохтоммут кыраапыгынан ыытыллар. Ол курдук, быйыл Өймөкөөн нэһилиэгэр уонна Куйдуһуҥҥа «ЭНЭЛТ Групп» инвесторы кытта «Сахаэнерго» АУо икки саҥа эбийиэги тутар бырайыагы олоххо киллэриигэ ылыста. Бу автоматизированнай “гибриднэй” дэнэр энергокомплекстарга дизельнай генератордартан ураты күн батареяларын уонна электрическэй энергияны мунньар систиэмэни үлэлэтиэхтэрэ. Өссө биир күн ыстаансыйата Томпо улууһун Тополинайыгар үлэҕэ киириэҕэ. Бу эбийиэги Өймөкөөн улууһун энергетиктэрэ ыыталлар. Орто-Балаҕан нэһилиэгэр күн уотунан үлэлиир ыстаансыйа кыамтатын улаатыннарар туһугар эбии күн итиитэ үлэлэтэр панеллэри туруоруохтара.

«Теплоэнергосервис» АУо үлэһиттэрэ эмиэ эргэрбиттэри солбуйар саҥа хочуолунайдары туталлар уонна туһанааччылары ситимниир саҥа ресурсалары арыйаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Биэрэк Үрдүгэр инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн сылааһы биэрэр  саҥа эбийиэги тутуу салҕанар.

Саҥа хочуолунай кыамтата – 3,75 МВт, ититэр ситимнэр уһуннара 7 км аһарыаҕа. Бу эбийиэк быйыл күһүн 50 чааһынай дьиэ олохтооҕун сылааһынан хааччыйыаҕа. Бырайыак уратыта – ууну мунньар емкость кыамтата улаатыыта.

Былырыын Томтор нэһилиэгэр “Рабочай” переулокка теплоэнергетиктэр саҥа хочуолунайы үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Итиини биэрэр эбийиэк 30-тан тахса чааһынай дьиэни сылааһынан хааччыйар. Бу иннинэ Томтор олохтоохторо дьиэлэрин оһоҕунан сылыталлара. Өймөкөөн улууһун нэһилиэнньэтэ барыта кэриэтэ кииннэммит сылааһынан уонна уунан хааччыйыыга көспүтүн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Биһиги манна төрөөбүт-үөскээбит сирбит буолан, дойдубут тупсарыгар көхтөөхтүк кыттыһабыт. Улууспут чэчирии сайдарын туһугар, төһө да тыйыс килиимэттээх сиргэ олордорбут,  Тымныы полюһунан аатырар хотугу сирбитин ис сүрэхпититтэн таптыыр, харыстыыр киэҥ көҕүстээх дьон олоробут. Биһиги тэрилтэбит итиинэн хааччыйар сүрүн эбийиэктэри үлэлэтэр буолан, нэһилиэктэр дьаһалталарыгар өрүү өйөбүл оҥоробут. Управляющай хампаанньалар кытаанах бөҕү-сыыһы ыраастыылларыгар эмиэ көмөлөһөбүт, — диэн бэлиэтиир “Телоэнергосервис” тэрилтэ Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын салайар Максим Ямщиков.

Ити курдук, Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр энергетиктэр уонна итиинэн хааччыйар исписэлиистэр кыстыгы этэҥҥэ туоруурга дьоһуннаах үлэни ыыталлар.

Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

 

Читайте дальше