Төрүт сүөһүбүт түҥнэстибэт төлкөтө түстэннэҕэ

Үүтэ-этэ кэмчитин буруйугар ааспыт олохпут күрдьүгэр быраҕыллан, сир үрдүттэн симэлийэ сыспыт төрүт сүөһүбүт төрөөн-ууһаан, тэнийэр суолга үктэммитин кэлиҥҥи түөрт сылга көрдөрүү өрө баран иһэрэ кэрэһилиир.  

Устуоруйа туоһулуурунан, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолуон аҕай иннинэ Саха сиригэр ынах сүөһү ахсаана муҥутуурдук элбээн, 487 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта, онон “эрэһиэҥкэтэ суох түрүмэнэн” сураҕырар уобалас хас биирдии олохтооҕор 2-лии сүөһү тиксэрэ. Ити бүтүннүү саха төрүт сүөһүтэ этэ. Онтон 1929 с. саҕалаан үрдүк бородууксуйалаах холмогор уонна симментал боруодалары тастан аҕалан, сиэнчэрдээһин киэҥник ыытыллыбыта. Ол түмүгэр 1962 с. ыраас хааннаах төрүт сүөһүттэн 17 тыһ. төбө ордон баран, сыыйа эстэр-симэлийэр аатыгар барбыта. Статдааннайынан, 1994 с. сыччах соҕотох Эбээн Бытантайга эрэ ыраас хааннаах 900 сүөһү ордубута.

Төрүт баайбытын – саха сүөһүтүн удьуорун харыстыыр үлэ 1990-ус сылларга сопхуостар күргүөмүнэн эстибиттэрин кэнниттэн саҕаламмыта. Учуонайдар уонна племсулууспа исписэлиистэрин дьаныардаах үлэлэрин түмүгэр “саха сүөһүтэ” диэн эт-үүт хайысхалаах боруода 1993 с. Арассыыйа судаарыстыбаннай племрегистригэр киллэриллибитэ. Хаан уруурҕаһыытын таһаарбат уонна удьуорун тэнитэр инниттэн саха сүөһүтүн Эбээн Бытантайтан киин улуустарга аҕаларга быһаарбыттара. Ол кэмҥэ Дьокуускайдааҕы племенной үлэҕэ производственнай холбоһук начаалынньыгынан үлэлии олорор О.П. Марков Куорунай улууһун баһылыга П.И. Васильевтыын Одуну нэһилиэгин Улуу Сыһыы учаастагын саха сүөһүтүн үөскэтэргэ сөптөөх сир диэн талбыттара. Онон 1993 – 1994 сс. иккитэ төхтүрүйэн, сөмөлүөтүнэн 72 сүөһүнү аҕалтарбыттара. Онтон салгыы 2006 сылтан киин улуустарга саха сүөһүтүн тарҕатыы саҕаламмыта.

Билигин ааҕалларынан, Арассыыйаҕа аҕыйах ахсааннаах эбэтэр сүтэн эрэр ынах сүөһү 14 боруодата баар, саха сүөһүтэ онно киирсэр. Саха сүөһүтүн сөргүтүү эрдэ биирдиилээн бэриниилээх исписэлиистэргэ, салайааччыларга тирэҕирэн, дьаалатынан устан испитэ. Ааспыт үйэ бүтүүтүгэр саха сүөһүтүн удьуорун тэнитэргэ анаан 2 судаарыстыба унитарнай тэрилтэтин (ГУП)  арыйбыттара, онтон 2006 с. иккиэннэрин холбоон, Эбээн Бытантай улууһугар кииннээн, “Бытантай” судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин (ГБУ) үлэлэппиттэрэ даҕаны, эмиэ өнүйбэтэҕэ. Арай, 2018 с. өрөспүүбүлүкэ таһымыгар чуолкай бэлиитикэ ылыллыаҕыттан өрүттэн эрэр. Ол курдук, Ил Дархан Айсиэн Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан Ыйааҕар “саха сүөһүтүн симэлийэр кутталтан таһаарар туһуттан ынаҕын ахсаанын 660-тан 2024 сылга диэри 1 000-ҕа тириэрдэр” соругу туруорбута.

Ыйаахха олоҕуран, “Саха сүөһүтэ” судаарыстыба хааһынатын тэрилтэтэ (ГКП) төрүттэммитэ. Бу тэрилтэ 2020 с. Арассыыйа судаарыстыбаннай племрегистригэр удьуор пуондатын хаһаайыстыбатын быһыытынан регистрацияламмыта. Хаһаайыстыба бүгүн 8 отделениелаах, ону таһынан саха сүөһүтүн иитэр 12 тирэх хаһаайыстыба үлэтин сүрүннүүр.

Ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 2 590 саха сүөһүтэ, ол иһиттэн ынаҕа – 1 126 төбө. Инньэ гынан, 2015 с. кытта тэҥнээтэххэ, сүөһү бүттүүн ахсаана 1 119, ол иһигэр ынаҕа 553 (2 төгүл кэриҥэ: 573 этэ) төбөлүүнэн эбилиннэ. Сүөһү баар ахсааныттан 1 252-ни “Саха сүөһүтэ” СХТ отделениелара, 763-ү тирэх хаһаайыстыбалар, 169-у урбаанньыт-бааһынайдар, 128-ы атын киэптээх тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ туталлар. Ыаллар кэтэх бас билиилэригэр 403 саха сүөһүтэ баар. Ахсаан өттүнэн эбиллэн, өрөспүүбүлүкэ ынах сүөһүтүн бүттүүн төбөтүттэн 1,4 бырыһыанын (эрдэ 0,7% этэ) ылар буолла.

Саха сүөһүтэ сир ахсын тарҕанна: Эбээн Бытантайы тэҥэ Намҥа, Куорунайга, Тааттаҕа, Сунтаарга, Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Үөһээ Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Аммаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Мииринэйгэ, Усуйаанаҕа, Муомаҕа (барыта 16 улууска) иитэллэр. Төрүт баайбыт атаҕар турарыгар судаарыстыба өйөбүлэ улахан суолталанна. Ол курдук, аҕыйах сыл иһигэр сүөһү турар 4 комплекса, 4 хотоно уонна 4 сайылык тутуллан киирдилэр. “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ үлэтин-хамнаһын өйүүргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн туспа строканан үбүлээһин көрүллэр (2020 с. – 106 мөл. солк., 2021 с. – 156 мөл. солк., 2022 с. – 268 мөл. солк., 2023 с. – 265 мөл. солк.).

Тирэх хаһаайыстыбаларга эмиэ анаан туспа көмө оҥоһуллар. Сүөһүлэрин 1 усулуобунай төбөтүгэр 35 тыһ. солкуобайы ылаллар. Бу көмө харчы кээмэйэ быйылгыттан 40 тыһ. солкуобайга диэри үрдэтилиннэ. Тирэх хаһаайыстыба буоларга киин, илин эҥээрдээҕи уонна Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга 50, хотугу улуустарга 25 төбөттөн аҕыйаҕа суох саха сүөһүлээҕиҥ ирдэниллэр. Итиэннэ саха сүөһүтүн атын боруодалартан туспа тутан иитэргэ дьүөрэлээх ойуччу сытар бүөмньү, чөкө сирдээх-уоттаах буоларыҥ булгуччулаах.

“Саха сүөһүтэ” тэрилтэ былырыын Нам Таастааҕар баар хаһаайыстыбатын базатыгар билим билиитигэр, чинчийиитигэр тирэҕирэн ууһатарга-тэнитэргэ тосхоллоох Билим киинин арыйбыта. Төрүт сүөһүбүт былыр-былыргыттан тулуурдааҕынан, бөҕө сүрүннээҕинэн биллэр. Ааспыт сылы саха сүөһүтэ 100 бырыһыан чөл туораабыт. Биир ынахтан үүт ыама 145,4 киилэнэн эбиллэн, 1 870-ҥа тиийбит. Үүт орто сыата 5-6 %-ҥа тэҥ. Саха ынаҕын үүтүгэр белога (3,7%) уонна лактозата (4,69%) үрдүк, калорийноһа – 874 единица. Биир киилэ арыыны симментал эбэтэр холмогор боруода ынахтан  ыаммыт 23 киилэ үүтүнэн астыыр буоллахха, саха ынаҕыттан 16 киилэ үүт туттуллар. Саха сүөһүтүн анаан чинчийбит учуонай П.А. Романов саха ынаҕа хойукка диэри (24 саастарыгар төрөөбүт түбэлтэлэрин бэлиэтээбитэ) төрүөх биэрэллэрин быһаарбыта.

Саха сүөһүтэ төһө даҕаны үүтэ-этэ татым курдугун иһин, кэлии боруода сүөһүлэрдээҕэр 1,5 төгүл аҕыйах оту сиир, 2 төгүл кыра сиргэ мэччийэр. Саха ынаҕыттан 1 киилэ үүтү ыларга 0,9 аһылык единицатын барыыр, ол симментал ынах аһыырыттан 1,5 төгүл аҕыйах. Онон уматык уонна уотурба сыаналара үүнэ-тэһиинэ суох үрдүү турар кэмигэр Саха сирин кытыы нэһилиэктэригэр, ойуччу сытар учаастактарга саха сүөһүтүн иитэр барыстааҕа көстөн турар.

Василий Никифоров

Читайте дальше