Оттооһун хаамыыта: от былаана туоларыгар “көҥүл хотуур” уонна мобильнай биригээдэлэр көмөлөһүөхтэрэ

Саха сирин ходуһаларыгар, атырдьах ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, 296 501 туонна от кэбиһиллэн, былааннаммыт кээмэйтэн 64 бырыһыана туолла. Былырыын баччаҕа 209 720 туонна кэбиһии баара. Итиэннэ бу күнтэн саҕалаан улуустар сирдэригэр-уоттарыгар “көҥүл хотуур” биллэрилиннэ.

Онон миэстэтигэр нэһилиэктэр дьаһалталара туһаныллыбакка сытар сирдэр баар буоллахтарына, баҕалаахтарга сыһыаран оттоторго дьаһал-быһаарыы таһааран үлэлэһэллэрэ эрэйиллэр. Улуустар биэрэр барыллааһын сабаҕалааһыннарынан, лоп курдук биир ый анараа өттүгэр (10.07.) бүттүүн былааннаммыттан 13 %-нан итэҕэс, ол эбэтэр 57,4 тыһ. туонна от тиийбэт этэ. Кэлин сирдэрин-уоттарын сиһилии кэрийэн көрбүттэрин түмүгэр чычырбас 43 тыһ. туонна окко диэри кыччаабыт, улуустар холбоон 416 199 туонна оту (былаантан 90,6 %-ын) туруорарга суоттаналлар.

Тиийбэт оттоохтор улуустарын, нэһилиэктэрин иһигэр ыраах быраҕыллан сытар учаастактарга оттоон, ситэриниэхтэрэ. Ол инниттэн 9 улууска 172 мобильнай биригээдэ тэрилиннэ, кинилэр 15 991 туонна былааннаахтар. Билиҥҥитэ Амма улууһун 23 звенота 2 120 туонна кэбиһиилэннэ. Куорунайга 30 биригээдэ отчуттара 991 туонна оту туруордулар. Мэҥэ Хаҥаласка 3 звено саҥардыы турунан, 10 туонналанна. Орто Халымаҕа “соҕотох биригээдэ 30 туонна оттоммутун туһунан” дааннай уларыйбатаҕа быданнаата.

Бу сырыыга былаанын аҥаардаппыт улуус элбэҕинэн, 70 бырыһыантан таһаарбыттары бастыҥнарга киллэрдим. Ол курдук, Нам 86,38, Куорунай 85,95, Уус Алдан 75,66, “Сатай” куораттааҕы уокурук 71,70, Абый 71,32, Мэҥэ Хаҥалас 71,16, Хаҥалас 70,28 бырыһыанныыларын кээрэтэн, биэтэккэ чугаһаатылар. Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар бары 60-тан таһаардылар. Чулуулартан баһыйар аҥаардара улахан былааннаах улуустар буолаллара өрөспүүбүлүкэ быйылгы кыстыкка сүөһү аһылыгар кыһалҕаланыа суоҕун мэктиэлиир.

Отчуоттанар кэмҥэ 550 туонна сиилэс угуллубутуттан 450-ун Хаҥалас улууһа, 100-үн Дьокуускай куорат хаһаайыстыбалара уктулар. Сенаж 116 эрэ туонна сууланна. Мантан 100-үн Дьокуускай, 16,20-тин Өлүөхүмэ бэлэмнээтилэр. Былырыын баччаҕа 2 443 туонна сиилэс угуллубута, 1 082 туонна сенаж сууламмыта. Онон сүөһүгэ сүмэһиннээх аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ бытаарыы тахсыбыта чахчы. Оттон былаан обургу: 23 885 туонна сиилэс уонна 12 876 туонна сенаж.

Василий Никифоров. Хаартыскаҕа «Ленский вестник» архыыбыттан

Читайте дальше