Өймөкөөн Томторугар киинэ саалатын аһыллыытын үөрүүлээх күнэ тосхойдо

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 24 күнүгэр, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Экстра Синема” диэн 15 киинэ саалатын үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх түгэнэ тосхойдо. Бу Саха сиригэр оҥоһуллубут цифровой платформаҕа Өймөкөөн улууһун икки тыһыынчаттан тахса киһилээх Томтор нэһилиэгэ эмиэ холбонно.

Онон тыа сирин олохтоохторо уһулуччу үөрүүлээх күн буолбутун бэлиэтииллэр. “2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Алексей Винокуров иһитиннэрбитинэн, олохтоох дьаһалта  уонна нэһилиэк кулуубун хамаандата биир сомоҕо буолан үлэлээн, 1 мөл. солк. суумалаах грант ылар кыахтаммыттарын түмүгэр бу дьаһал олоххо киирдэ.

Саха сиригэр маннык 20 киинэ саалата аһыллыахтаах. Биһиги Томторбутугар киинэ көрөр саала биир бастакынан киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Олохтоохтор саҥа киинэлэри бэйэбит нэһилиэкпит кулуубугар көрөр кыахтаммыппытыттан улаханнык үөрдүбүт, — диэн бэлиэтээтэ Алексей Николаевич.

Оттон Томтордооҕу култуура дьиэтин дириэктэрэ Татьяна Бурцева киинэ саалатын үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыыта бэрт истиҥник ааста диэн эттэ. Бу бэлиэ күн Томтор нэһилиэгин ытыктанар олохтоохторо, бэйэлэрин кэмнэригэр киинэмэхээнньигинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит бэтэрээн дьон ыҥырыылаах күндү ыалдьыттарынан буоллулар.

Олор истэригэр РФ Бочуоттаах кинематографиһа, Өймөкөөн улууһун, Томтор нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, сэрии сылын оҕото Сусанна Заболоцкая, Томтор нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ киинэ бочуоттаах бэтэрээнэ, үрүҥ көмүс волонтер, улуустааҕы “Хотугу сардаҥа” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндиэнэ Валентина Прокопьева, нэһилиэккэ киинэ сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсибит Екатерина Данилова, Василий Ковлеков о.д.а.бааллар.

СӨ киинэ бочуоттаах бэтэрээнэ Валентина Прокопьева санаатын маннык үллэһиннэ:

— Томторбутугар киинэ саалата аһыллыбыт үөрүүлээх күнүгэр «Бүгүн-былыр» диэн киинэни олус сэргии көрдүбүт. Урукку кэмҥэ тыа сирин дьоно биир да күнү көтүппэккэ киинэҕэ астына, дуоһуйа сылдьаллара. Дьэ, мантан инньэ Томтор олохтоохторо сайдыылаах олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, саҥаттан саҥа киинэни көрүөхтэрэ турдаҕа. Кулууп дириэктэрэ Татьяна Бурцева биһигини анаан ыҥыран, үөлээннээхтэрбин кытта эдэр сааспытыгар төннөн ыллыбыт, нэһилиэккэ култуура эйгэтэ сайдарыгар кылааппытын киллэрсэн өр сылларга үлэлээбиппитинэн киэн туттар санаа үөскээтэ. Татьяна Владимировна киинэ нэдиэлэҕэ үстэ көстүөҕэ, ол быыһыгар сахалыы киинэни ардыгар босхо көрдөрүөхпүт диэбитин олус сэргии иһиттибит, — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ кинофикация бэтэрээнэ В.Н. Прокопьева.

Ольга Скрыбыкина

Читайте дальше