Бүгүн – Сайылык күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев саха төрүт үгэһин чөл тутар, тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн дэлэтэр уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин суолтатын үрдэтэр туһуттан 2018 сыл сэтинньи 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан хас сыл аайы ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтэниллэр Сайылык күнүн олохтообута.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин уонна тус бэйэм ааппыттан саха сирин бары олохтоохторун, чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии, буһа-хата сылдьар доммутун Сайылык күнүнэн, самаан сайыммыт сайгыччы салаллыбытынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибин!
Бу күн өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн, Сахабыт сиригэр Саҥа сыл саҕаланар. Былыр да, быйыл даҕаны саха киһитигэр сайылыкка көһүү улахан суолталаах, туспа сиэрдээх-туомнаах долгутуулаах түгэн. Мантан инньэ унньуктаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, сырдыкка эрэл улаатар, биир күн бүтүн дьылы аһатар эппиэттээх кэмнэрэ үүннэллэр.
Сайылыкка тахсыыны Сэбиэскэй былаас көдьүүстээхтик туһаммыта. Холкуос, сопхуос саҕана сүөһү барыта сайылыктарга таһаарылларын түмүгэр, үүтү ыаһыҥҥа итиэннэ ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ чыпчаал көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрэ. Ыһыллыы сылларын кэнниттэн сайылыктааһын тохтуу сылдьыбыт эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга Бырабыыталыстыба өттүттэн улахан болҕомто ууруллан, өйөбүл үп-харчы көрүллэн, улахан тэрээһиннээх да, бааһынай да хаһаайыстыбаларбыт сайылыкка көһүүнү сөргүтэн эрэллэр.
Онон 2018 сылга анал ыйааҕынан бигэргэммит Сайылык күнэ үлэ дьонугар ытыктабыл, саха төрүт үгэһин сөргүтүүгэ – үрүҥ илгэни үксэтиигэ, хороҕор муостааҕы элбэтиигэ, сыспай сиэллээҕи ууһатыыга туһуламмыта саамай сөптөөх дьаһал дии саныыбыт.
Икки үйэ алтыһар кирбиитигэр сайылыктары, сайылык хаһаайыстыбаларын тэрийиигэ анаммыт «Сайылык туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона оҥоһуллан, 2003 сыл от ыйын 10 күнүгэр бигэргэммитэ. Бу сокуон чэрчитинэн сайылыктары саҥардыы, технологическай тэриллэринэн толору хааччыйыы хамсааһына 2006 сылтан саҕаламмыта. Бүддьүөттэн үп көрүллэн, онно нэһилиэктэрдээҕи кирэдьииттиир кэпэрэтииптэр үптэрэ, тустаах хаһаайыстыбалар харчылара эбиллэн, 2006-2016 сс. улуус ахсын биэстии-алталыы, сорохторго уончалыы саҥа сайылыктар баар буолбуттара. Бу сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 146 типовой сайылык тутуллубута, 180 эргэ сайылык саҥардыллыбыта. Сайылыктар ынаҕы ыыр аппарааттарынан итиэннэ үүтү сойутар тэриллэринэн хааччыллыбыттара. Сопхуостар эстиэхтэриттэн умнулла сылдьыллыбыт ыанньыксыт, бостуук, учуотчут идэлэрэ сөргүтүллүбүттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрэ итиэннэ бааһынай хаһаайыстыбалар бэйэлэрин сүөһүлэригэр нэһилиэнньэттэн эбии ынах хомуйан, сайылыкка таһааран ыыр, оттон соҕотуопкалыыр-астыыр кэпэрэтииптэр аппараатынан ыаммыт, анал тэрилгэ сойутуллубут, үрдүк хаачыстыбалаах үүтү тутан астыыр буолбуттара.
Оҥорор бородууксуйаларын арааһын дэлэтэн, үүт туттарыллар сыанатын үрдэтэр кыахтаммыттара. Ыанар ынах 25 %-на сайылыктарга таһаарыллара ситиһиллибитэ. 2012-2016 сс. АПК-ны сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааманан 2011-2012 сс. сайылыктарга ыыр аппарааты, сойутар тэриллэри, трансформаторнай подстанциялары ылыы итиэннэ сайылыктары уот ситимигэр холбооһун ороскуотун 70% толуйууга харчы көрүллэр буолбута.
2018 с. Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларыгар туһуламмыт Ыйааҕар илии үлэтин чэпчэтэр уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хаачыстыбалаах үүтүнэн, этинэн хааччыйар инниттэн мэхэньисээссийэлээх сайылыктары тутуу ороскуотун толуйарга судаарыстыба бүддьүөтүттэн үп көрөрүгэр бырабыыталыстыба иннигэр сорук туруорбута.
Ол курдук 2018–2019 сылларга 22 сайылыгы тутууга уопсайа 70 мөл. солкуобай кээмэйдээх үп көрүллүбүтэ. 2022 сылга АПК-ы өйүүр пуондаттан 2022 с. сайылыктары тутууга анаан 5 %-наах 10 мөл. солкуобай көрүллэн 3 сайылык үлэҕэ киирбитэ.
2023 сылга Кэбээйи, Томпо, Сунтаар, Ленскэй улуустарыгар 5 кэпэрэтиип сайылыктары тутууга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 14 746 331 солк сууммалаах субсидияҕа тиксибитэ. Маны сэргэ тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ хотон, сайылык уонна оҕуруот аһын, хортуоппуйу уурар-харайар эбийиэги тутталларыгар, саҥалыы оҥостоллоругар көрсөр ороскуоттарын сорҕотун толуйууга үбүнэн көмө көрүллэн, Үөһээ Дьааҥы уонна Нам улуустарыгар 2 сайылык тутуутугар уопсайа 4,3 мөл. солк. кээмэйдээх субсидия ылбыттара.
Үгэс курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҥоһуллан тахсар үүт бүттүүн сыллааҕы кээмэйиттэн 60 бырыһыана сайыҥҥы мэччирэҥ ыйдарыгар ылыллар. Онон сайылыктааһын үрүҥ илгэни элбэтиигэ, сүөһүнү сүмэһиннээх отунан мэччитиигэ бары өттүнэн көдьүүстээҕин олох көрдөрдө.
Ыам ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, бары көрүҥ хаһаайыстыбаларга 191,5 тыһ. ынах сүөһүлээхпит, ыанар ынаҕа – 70,8 тыһ. төбө. Итинтэн быйыл сайылыктааһыҥҥа 41 223 төбө сүөһү хабыллыа, ол иһигэр 18 831 ыанар ынах.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 348 сайылыктааҕыттан (үүтү оҥорон таһаарыыга — 332, субан сүөһүнү төлөһүтүүгэ хайысхалаах – 16), мэхэньисээссийэлээх, ынах ыыр установкалааҕа — 255 сайылык. ЛЭП лииньийэтигэр холбоммута – 273 сайылык, диисэли туһанара – 45, күн батарыайалааҕа – 6, моно генератордааҕа – 6, уота суох олороро – 5 сайылык.
Маныаха суол-иис суоҕа, уматык сыаналаммыта, уот лииньийэтэ суоҕа, баар өттө – эргэрбитэ, дьон олорор дьиэтэ суоҕа, уопсайынан тэхиниичэскэй өттүнэн хааччыллыы суоҕа атахтыыр. Муниципальнай оройуон таһымыгар сайылыктааһыны тэрээһиннээхтик ыытыы кэтэх сүөһүлээхтэри кэпэрээссийэлэһиигэ киллэрии суотугар эрэ оҥоһуллар кыахтаах. Онон бу өттүгэр болҕомтолоох сыһыан, үлэ барыан наада.
Билиҥҥи уустук кэмҥэ сүөһүлээх-астаах, хаһаайыстыбалаах ыал бигэ туруктаах уонна кэскиллээх. Онон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥоруу тэтимин үрдэтии, экологическай өттүнэн ыраас төрүт аһы сөргүтүү, оҕону кыратыттан тыа сиригэр, чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарыы – биһиги сүрүн сорукпут уонна сыалбыт буолар.
Билэрбит курдук, Өлүөнэ өрүс сааскы халааныгар Өлүөхүмэ, Нам улуустарыгар алдьархай ааҥнаан, уустук балаһыанньа үөскээтэ. Кыстык түгэҕин көрөн испит хаһаайыстыбаларбыт ытыс соттон хааллылар… Маныаха биһиги биир идэлээхтэрбит, агропромышленнай комплекс үлэһиттэрэ, бааһынай хаһаайыстыбалар, тыа хаһаайыстабытын кооперативтарын ассоциациятын сэбиэтин чилиэннэрэ сүтүктээхтэргэ көмө бэрээдэгинэн ким сүөһүнэн, сылгынан, харчынан көмөлөһөн күүс-көмө буолаллар. Бэйэбит өттүбүтүттэн туһааннаах өйөбүлү оҥоруохпут диэн эрэннэрэбит.
Бу сайыҥҥы кэмнэргэ саамай элбэх үүт ыанар, сүөһү төлөһүйэр кэмэ. Онон бука-бары күргүөмнээхтик турунан сайыҥҥы кылгас кэмҥэ күөх быйаҥы сомсон, үрүҥ илгэни үксэтэн, хороҕор муостааҕы элбэтэн олохпут уйгутун тупсарарга турунуоҕуҥ! “Сайылык – өлгөм үүт, эмис эт төрдө” диэн сэбиэскэй саҕанааҕы этии билиҥҥи ырыынак үйэтигэр саҥалыы тыыннанан, үлэ дьонун күүскэ көҕүлээтин!
Быйаҥнаах сайын, үүнүүлээх күөх дуол тосхойдун!
Эҕэрдэни кытта, тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров
Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата