Анал байыаннай дьайыыга сылдьааччылары өйөөн

Бу күннэргэ оройуон тэрилтэлэрэ, олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмө хомуйарга бары күүстэрин, сыраларын уурдулар.

Аһымал аахсыйаларыгар нэһилиэнньэлээх пууннартан тэрилтэлэр, түмсүүлэр, биирдиилээн дьон бородуукта, таҥас-сап, эмп-томп, эт-ас итиэннэ харчынан көмө хомуйдулар.

Ол курдук Томтор нэһилиэгин олохтоохторо соторутааҕыта “В семье единой” аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Бу күн ыытыллыбыт үлэ кэлэктииптэрин, самодеятельнай артыыстар кыттыылаах сэргэх кэнсиэртэн уонна “Идэһэ-2024” дьаарбаҥкаттан киирбит үп уопсай сууммата 371 000 солк. тэҥнэстэ. Дьаарбаҥкаҕа турбут бородууксуйа барыта атыыга барда.

Кэнсиэргэ кыттааччылар сүрдээх бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. “Сахаэнерго” тэрилтэтин ырыаһыт уолаттара, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын “Үрүйэчээн” үҥкүү ансаамбыла, “Кэскил” уһуйаан, култуура киинин үлэһиттэрэ, «Өйүмү суһума» вокальнай ансаамбыл, Оҕо ускуустубатын «Һэйм» үҥкүү бөлөҕө, «Чыпчаал» ыччат бөлөҕө, “Кылыһах” ансаамбыл о.д.а. көрөөччү биһирэбилин ылыахтарын ыллылар. Томтордооҕу Култуура дьиэтин дириэктэрэ Татьяна Бурцева, уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева көмө аахсыйа кэнсиэригэр кыттыбыт дьоҥҥо-сэргэҕэ барҕа махталларын тиэрдэллэр.

Евдокия Егорова

Читайте дальше