Тарын 7 кылаастаах оскуолатыгар бииргэ үөрэммит уолбун, үөлээннээхпин Аппанаасыйы – Афанасий Степанович Гермогеновы 80 сааскын туолбут кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-иһирэхтик эҕэрдэлиибин!
Эйиэхэ бу үөрүүлээх быраһынньыккынан ситимнээн үгүс үтүөнү, бары дьыалаҕар барытыгар кэскиллээх буолууну, ситиһиини, эрэллээх доҕоттору, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын. Үгүс үөрүүлээх түгэннэриҥ өссө да элбии турдуннар.
Эйиэхэ чөл туругу, чиргэл доруобуйаны, нус-хас дьоллоох олоҕу, чэгиэн санааны баҕарабын. Уонна баҕа санааҥ барыта туола туруохтун, Эйиигин куруутун үчүгэй, сырдык эрэ тулалаатын!
Ытыктабылы кытта,
Анна Алексеевна КРИВОШАПКИНА, педагогическай үлэ бэтэрээнэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин систиэмэтин Бочуоттаах үлэһитэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо,
Дьокуускай к.



