Быйыл Өймөкөөн улууһугар буолан ааспыт Олоҥхо Ыһыаҕар кырдьаҕас Өймөкөөн сирин хас биирдии олохтооҕо төһө кыалларынан кыттыһан, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин дьон-сэргэ санаатыгар умнуллубаттык ааста.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ диэн, төһө да дойдуларыттан ыраах олордоллор, күн бүгүҥҥэ диэри сибээһи тутуһан, сүбэ-ама эрэ биэрбэккэ, тус бэйэлэринэн төрөөбүт дойдуларын олоҕунан олорор дьон кылааттарын киллэрбиттэрэ буолар. Кинилэртэн биирдэстэрэ – Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх, Горнай улууһун Бэрдьигэстээх олохтооҕо, норуот маастара, СӨ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Татьяна Константинова-Аммосова.
Татьяна Гаврильевна Өймөкөөн улууһун землячествотын биир көхтөөх киһитэ. Кини дойдутун араас тэрээһиннэригэр куоракка кэлэн анаан кыттар. Олоҥхо Ыһыаҕа ыһылларын истээт, биир бастакынан кыттыыны ыларга, тугунан эмэ көмөлөһөргө санаммыта. Онон улууска Олоҥхо Ыһыаҕын бэлиэтин (эмблематын) оҥоруу туһунан биллэрбиттэригэр биир бастакынан кыттан, уонна кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Маны таһынан, Татьяна Константинова-Аммосова төрөөбүт дойдутугар ыһыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар үйэлэргэ хаалар үлэлэри оҥорон бэлэх уунна. Ол курдук, биир улахан үлэтэ — биэ сулара, көнтөһө уонна убаһа сулара (кулун көҕөнө).
Аны Татьяна Константинова-Аммосова сахалыы былыргы төрүт тиэхиньикэни тутуһан кымыс кутарга аналлаах ынах тириититтэн симиир иһит оҥордо. Бу иһит эмиэ Олоҥхо Ыһыаҕар сүрүн миэстэни ылла. Маны оҥороору, Татьяна Гаврильевна дойдутуттан кунан оҕус тириитин сакаастаан ылларан, ону имитэн, анаан кымыс кутар иһити былыргылыы ньыманан оҥоруута – атын улуустарга үтүө холобур.
Татьяна Гаврильевнаҕа Үөһээҥҥи Айыылар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара» үрдүк ааты төрөөбүт дойдутугар Олоҥхо Ыһыаҕар туттаралларын түстээтилэр. “Симэх” галерея салайааччыта Яна Игнатьева айар куттаах дьон ортотугар Татьяна Константиноваҕа-Аммосоваҕа суолталаах бэлиэни туттарбытын Өймөкөөн патриота олоҕун биир чаҕылхай өйдөбүлүнэн ааҕар.
… Ити курдук, Татьяна Константинова-Аммосова төрөөбүт Өймөкөөнүн туһугар ис дууһатыттан дойдутун туһугар сүүрэн-көтөн, иккис дойду оҥостубут Горнайын дьонуттан “үтүөкэннээх да дойдулаах эбиккин” диэн күннэтэ махтал тылларын истэр уонна “ити тыллартан ордук миэхэ наҕараада суох” диэн киэн туттар.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата