Олунньу 23-24 күннэригэр Дьокуускай куорат «Куруһаала» эргиэн түһүлгэтигэр «ДАРХАН УУС» 13-с төгүл ыытыллар Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапката түмүктэннэ. Тэрээһиҥҥэ 50-тан тахса уус Өлөөн, Дьааҥы, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Алдан, Томпо, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Хаҥалас улуустарыттан уонна Туймааада хочотуттан кытынна.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков уустар түһүлгэлэрин үөрүүлээх арыллыытыгар сылтан сыл эдэр маастардар элбээн иһэллэрин бэлиэтээн туран: «Бу тимир ууһун түҥ былыргы идэтэ билигин да саҥалыы тыыннанан сайда турарын кэрэһилиир. Биһиги иннибитигэр үйэлээх үгэстэргэ тирэҕирэн, өрөспүүбүлүкэбитин ураты оҥорорго дьулуһар сорук турар», – диэн санаатын үллэһиннэ. Итиэннэ, «Дархан Уус» Мандар Уус уонна Иннокентий Тарбахов курдук ытык дьоммут ааттарын кытта быһаччы ситимнээҕин санатта.
Икки күннээх уустар түһүлгэлэригэр «Бастыҥ уус-уран быһах»,«Бастыҥ ас быһаҕа»,«Дэгиттэр быһах» хайысхаларга күрэстэр ыытылыннылар. Тэрийээччилэр уустар үлэлэрин уус-уран таһыма үрдүүрүн көҕүлүүргэ дьулуһаллар эрээри, бу уустук хайысхаҕа кыттааччы билигин да сэдэх. Онон көҕүн тардар гына «Скам-групп» ХЭТ дириэктэрэ Николай Акимов 50 тыһыынча солкуобайы уу харчынан бириис туруорда. Тэрийээччилэр эһиил да бу хайысхаҕа улахан бириис күүтэрин бэлиэтииллэр. Биэс кыттааччыттан Таатта эдэр эрээри ааттаах-суоллаах ууһа Феликс Шамаев бастыҥ аатын ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ Россия ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, Арктикатааҕы судаарыстыба культураҕа уонна искусствоҕа институтун профессора Дьулустаан Бойтунов, Ил Дархан «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин лауреата, норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкалар кыайыылаахтара Сарыал Билюкин уонна Саха сирин тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев-Мындыр Уус үлэлэстилэр.
Ордук амтаннаах «Ас быһаҕа» хайысха атаҕар туруута Франция кулинарияҕа академиятын бочуоттаах академига, саха төрүт аһын сөргүтээччи Иннокентий Тарбаховы кытта быһаччы ситимнээх. Бу күрэһи быйыл киниэхэ уһуйуллубут Саха сирин бастыҥ асчыттара – сиэнэ Семен Тарбахов, үөрэнээччилэрэ Иван Решетников уонна Николай Слепцов иилээн-саҕалаан ыыттылар. 44 кыттааччыттан Таатта эдэр ууһа Федор Неустроев бастаан кыайыы өрөгөйүн биллэ уонна «Сахабулт» бултуур ыырыгар быйыл тайахтыыр лицензияны генеральнай директор э.т. Николай Степановтан тутта.
Саха быһаҕын эгэлгэтик тургутар «Дэгиттэр быһах» күрэһигэр эмиэ 44 тимир ууһа кытынна. Хас эмэ хаттыгастаах холооһуну ааспыт биэс бастыҥ быһаҕынан дьүүллүүр сүбэ уонна тургутааччылар тиһэҕэр ылтаһын кэнсиэрбэни арыйдылар! Дьэ, ол түмүгэр бастыҥ ааты быыстапкаҕа иккис төгүлүн эрэ кыттар Таатта ууһа Гаврил Мохначевскай ылла. Кинини саха симэҕин кэрэхсээччилэр «JUNWEX ПЕТЕРБУРГ-2014» Бүтүн Россиятааҕы 21-с ювелирдар күрэстэрин кыайыылааҕын быһыытынан өйдүүр буолуохтаахтар. Онон быйылгы «Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапкатын кыайыылаахтарынан үһүөн Мандар Уус кыһатыттан тахсыбыт ыччаттар буолбуттара олус кэрэхсэбиллээх.
Быйылгы быыстапка ыалдьыттара саамай улахан саха быһаҕын илэ харахтарынан көрөр, эт илиилэринэн тутар-хабар чиэскэ тигистилэр. Санатар буоллахха, саамай улахан саха быһаҕа Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин «Мандар Уус» саха олоҕун кэлим музейыгар хараллан сытар. Бу быһах 2 м уһуннаах уонна 28 кг ыйааһыннаах. Маннык сүдү биилээҕи 2020 сыллаахха Туос Моҕол ураһа арыллыытыгар олохтоох уустар Феликс Шамаев уонна Алексей Максимов оҥорбуттар.
Саха быһаҕын кэрэхсээччилэргэ анаан баай үөрүйэхтээх Нам ууһа Михаил Баишев саха быһаҕын сөпкө сытыылыырга сүбэ-соргу биэрдэ. Ону тэҥэ Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтигэр саҥа ырыа сүрэхтэннэ – быыстапка кыттыылааҕа Петр Неустроев-Айаанньа Уус тылларыгар, Роман Иванов матыыбыгар «Дархан Уус» ырыаны Айтамыл толордо.
«Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапкатын тэрийэр кэмитиэтин салайааччы Никита Протодьяконов: «Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан удьуор уус уонна утум өйдөбүллэригэр болҕомто уурарга быһаарыммыппыт. Ол иһин “Аҕам саастаах уус” уонна “Эдэр кэскиллээх уус” диэн анал ааттары олохтоотубут», – диэн санаатын үллэһиннэ уонна түһүлгэ бары кыттыылаахтарыгар, спонсордарыгар уонна ыалдьыттарыгар махтанарын биллэрдэ. Кини «Дархан Уус» быыстапка сайдыытыгар үгүс сыратын биэрбит Сарыал Билюкиҥҥа «уустар оскардарын» туттаран бэлиэтээтэ.
«Аҕа саастаах уус» анал аатын Таатта кырдьаҕас маастара Николай Слепцов (1940 с.т.) ылан «Учур» булт маҕаһыыныттан 20 тыһыынча солк. туоһу суругу («Осикат» булчуттар түмсүүтэ, салайааччы В.В. Алексеев) тутта. Оттон «Эдэр кэскиллээх уус» анал аатыгар тиксибит Мэҥэ Хаҥалас эдэркээн ууһа Семен Горохов (2008 с.т.) ылан Таатта улууһун «Уйгу» маҕаһыыныттан (салайааччы В.М. Никифоров) 90 кг ыйааһыннаах кыстыгынан бэлиэтэннэ.
Түмүк оннугар эттэххэ, эдэр сааһыгар суох буолбут Тааттаттан төрүттээх предприниматель Серафим Попов 2010 сыллаахха Мандар Уус уонна Сарыал Билюкин сүбэлэринэн төрүттээбит быыстапката быйыл 13-с төгүлүн ыытылынна уонна Саха сирин культуратын көрдөрөр, саха тимир уустарын түмэр бөдөҥ түһүлгэҕэ кубулуйда.
Гаврил Андросов, «Дархан Уус» быыстапка пресс-сэкирэтээрэ