Былатыан Ойуунускайга анаммыт тэрээһиҥҥэ

Сэтинньи 11 күнүгэр Томтор нэһилиэгэр “Чысхаан” айар дьиэтигэр култуура эйгэтин үлэһиттэрэ Саха АССР автономиятын төрүттэспит судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, поэт, суруйааччы, сахалартан биир бастакы лингвист-учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Кэриэһим кэннибэр хааларым: кэхтибэт кэрэкэ тылларым» диэн бэрт сэргэх тэрээһини ыыттылар.

Дьоро киэһэни СӨ култууратын туйгуна, народнай тыйаатыр солбуллубат артыыһа Константин Винокуров сиэри-туому тутуһан алгыһынан, сахалыы сайа этэн-туойан туран арыйда.

Кыраайы үөрэтээччи Розалия Дягилева, бибилэтиэкэр Мария Ефимова суруйааччы олоҕун уонна айар үлэтин туһунан экраҥҥа көрдөрө-көрдөрө бэрт киэҥник, интэриэһинэйдик кэпсээтилэр. Маны тэҥэ мустубут дьон Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» айымньытынан киинэни олус сэргии көрдүлэр.

Томтор орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ суруйааччы хоһооннорун өйтөн, доргуччу аахтылар. Оҕолору бу суолталаах тэрээһиҥҥэ Евдокия Харитонова бэлэмнээтэ. Гренада Винокурова, «Кылыһах» фольклорнай бөлөх тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар.

В.П. Кривошапкин аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын кэлэктиибэ уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ «Ойуунускай уонна олоҥхо быстыспат ситимэ» диэн оҕолор уруһуйдарын, куукула быыстапкатын тэрийдилэр. Ону тэҥэ «Мин тохтор тойугум чугдарыа, мир ырыам ылланыа» диэн ааттаах кинигэ быыстапкатын дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруордулар.

Саха чулуу уолугар Былатыан Ойуунускайга аналлаах бырааһынньыктааҕы киэһэҕэ саха тылын, саха тыынын илдьэ сылдьааччылар, норуот үтүө үгэстэригэр сүгүрүйээччилэр мустан санааларын үллэһиннилэр, устуоруйаны сэгэтэн көрдүлэр. Ойуунускай биир дойдулаахтара ытык Таатта дьоно-сэргэтэ Олоҥхо Ыһыаҕынан томтордорго кыл ситиини оҥорон бэлэхтээбиттэрэ. Чулуу суруйааччы үбүлүөйдээх күнүгэр тэрийээччилэр айыы ситимин сырдык, мааны балаҕаннарыгар ытык бэлиэ быһыытынан симээн киэргэппиттэрэ ураты дириҥ суолталанна.

Маннык тэрээһиннэр үүнэр көлүөнэ ыччат төрөөбүт тылын, үтүө үгэстэрин ытыктыы улаатарыгар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ нэһилиэстибэ быһыытынан тиэрдэригэр олук уураллар, омук быһыытынан салҕыы сайдыыга кынаттыыллар.

Евдокия Егорова

 

Читайте дальше