Үлэҕэ кыра эрдэхтэн уһуйуллан

Биһиги уопсастыбаннай кэрэспэндиэммит Агафья Готовцева кэпсээбитинэн, Өймөкөөн нэһилиэгэр олохтоох дьон туох баар күүстэрин-уохтарын бу күннэргэ оттооһуҥҥа уураллар.

Дьон-сэргэ быйыл от үүммүт диэн үөрэр, онон нэһилиэк тула ходуһаларга хотуур тыаһа лыҥкылыыр, оҕо-аймах саҥата чугдаарар. Тыа сирин дьоно окко оҕолорун, сиэннэрин илдьэ сылдьар үтүө үгэстээхтэр. Ол курдук оҕо кыра сааһыттан дьонун батыһа сылдьан үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйаллар, төрөөбүт кыраайын кэрэ айылҕатыттан күүс-уох ылар.

Өймөкөөн оскуолатын кырачаан үөрэнээччилэрэ Айхан Дьяконов, Давид Татаринов, Айсан Александров толооҥҥо көччүйэ сүүрэн-көтөн, «Икки тиит» ходуһаҕа оттуур дьонноругар көх-нэм буолаллар.

Оттон Дьокуускайдааҕы Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх орто оскуола 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Альберт Макаров сайын аайы эбэтигэр тыа сиригэр кэлэр, кини эмиэ ходуһаҕа сылдьарын олус сөбүлүүр.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше