Быйыл Өймөкөөн улууһун М.И. Заболоцкай аатынан Сордоҥноох кулуубун базатыгар от ыйыгар оҕо дьоҕурун арыйар сыаллаах лааҕыр аан бастакытын үлэтээтэ. Лааҕыры култуура үлэһиттэрэ Эльза Борисова уонна Матвей Атласов сатабыллаахтык салайдылар.
Салайааччы Эльза Борисова лааҕыр үлэтин туһунан маннык кэпсээтэ:
— Лааҕырбытыгар уопсайа 20 оҕо сырытта, ол сүрүннээн 1-5 кылаас үөрэнээччилэрэ. Манна олохтоох оҕолору таһынан, атын сиртэн эбэлэригэр-эһэлэригэр сайылыы кэлбит оҕолор эмиэ астына сырыттылар.
Лааҕыр бырагырааматын киэҥ, ураты гына оҥоро сатаабыппыт. Сезон устата иитиллээччилэрбит ырыа, үҥкүү арааһын үөрэттилэр, уруһуйдуурга, эгэлгэ оҥоһуктары оҥорорго, ас астааһыҥҥа холоннулар.
Лааҕырбыт сарсыарда 10.00 -н киэһэ 17.00 чааска диэри үлэлээтэ. Эһиил даҕаны маннык лааҕыры арыйар баҕа санаалаахпыт. Кэнэҕэскитин бириистэри, грамоталары, уруһуйдуур тэриллэри ыларга үбүлээһин көрүллэрэ буоллар, лааҕырбыт үлэтэ өссө таһаарыылаах буолуо этэ.
Рустам Копылов, «САХАТ» оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ, Дьокуускай:
— Бу лааҕырга сылдьан мин элбэх саҥаны, сонуну биллим уонна элбэх доҕоттордоннум. Киинэ көрөрбүтүн наһаа астынным. Сибиэһэй салгыҥҥа оонньуулары сөбүлээтим, бэйэбэр саҥа оонньуулары арыйдым. Лааҕырга хас биирдии күммүт олус интэриэһинэйдик ааста.
Нариана Копылова, саха гимназията, 5-с кылаас, Дьокуускай:
— Биһиги манна бырааппынаан үөрэ-көтө сырыттыбыт. Лааҕыр салайааччыта Эльза Эдуардовна блины уонна пицца астыырга үөрэттэ. Онтон Матвей Алексеевич саанан ытыы, футбол албастарын көрдөрдө.
Бибилэтиэкэ үлэһитэ Мария Александровна туойтан магнит оҥорууга маастар-кылаас ыыппыта, онно мин ыппын Алмаһы, оттон быраатым оҕуһу оҥорбуппут. Тыаттан матырыйааллары хомуйан, арааһы оҥоро үөрэннибит. Киэһэтин киинэ, аниме көрдүбүт. Мин саамай сөтүөлүүрбүн астынным.
Эһиил бырааппынаан Сордоҥнооххо хайаан даҕаны өссө кэлиэхпит уонна лааҕырга сылдьыахпыт!
Айта Винокурова, 5-с кылаас, Сордоҥноох:
— Мин лааҕырга үҥкүүлүүрбүн, уруһуйдуурбун олус сөбүлээтим. Ордук гитаранан оонньуурга үөрэппиттэрин астынным. Элбэх саҥа доҕордоммуппуттан үөрэбин.
Ангелина Березкина, 4 “б” кылаас, Хаандыга:
— Мин бу лааҕырга блины уонна пицца астыырга үөрэнним. Дуоһуйа сөтүөлээтибит. Пикниккэ сылдьыбыппытын астынным. Эһиил бу лааҕырга эмиэ кэлбит киһи диэн баҕа санаалаахпын.
Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын интэриэһинэйдик, туһалаахтык атаарарыгар лааҕырдар оруоллара улаханын үгүс төрөппүт бэлиэтиир. Сордоҥноох кулуубун дьиэтин лааҕыра эһиил эмиэ аанын арыйан, элбэх оҕо кистэлэҥ дьоҕурун арыйыа диэн эрэнэбит.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ольга Скрыбыкина