Үөрэх киһини күн тэҥэ сырдатар

Иван Винокуров, 11-с кылаас, Сордоҥноох:

-Учуутал диэн иккис ийэбит буолар. Кини бу олоххо саамай убаастанар, мындыр киһи. Мин ийэм, Альбина Алексеевна муусука учуутала. Биһиги бииргэ төрөөбүт бэһиэбит. Кини элбэх оҕону үөрэппит, ырыаҕа уһуйбут киһи буолар. Учуутал идэтэ, мин санаабар, наһаа эппиэтинэстээх, элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр.

Уопсайынан, педагогика түҥ былыргы Грецияҕа үөскээбитин билэбин. Ол бириэмэҕэ дьон философияны олус интэриэһиргээн, үөрэтэр этилэр. Онтон үөрэтэр дьону философ дииллэрэ. Холобур, Сократ уулуссаҕа туран эрэ дьону үөрэтэрэ. Онтон суруйар кумааҕылары (папирус) Египэккэ айбыттара.Ону таһынан бастакы шариковай уруучуканы эмиэрикэ киһитэ, Джон Лауд айбыта.

Мин санаабар, олох эмиэ учуутал. Дьиҥ олоххо буолбуту суруйааччылар айымньы оҥорон таһаараллар. Холобур, А.И. Софронов «Куоратчыт» кэпсээнигэр Ыстапаан аһыыр аһа суох буолан, суос соҕотох бургунаһын өлөрөн баран,  куоракка атыылыы диэн илдьэр. Дьиэтигэр кэргэнэ уонна түөрт оҕолоро туос аччык хаалаллар. Кинилэр эрэллэрэ аҕалара эрэ этэ. Онно тиийэн этин этэҥҥэ атыылаан баран, хомойуох иһин, Ыстапаан куһаҕаннык быһыыланар. Харчытын барытын суох оҥорор, куһаҕан дьаллыкка ылларар. Дьиэтигэр, ыыспатыгар туга да суох турар бэйэтэ тиийэр. Бу манныгы олох оскуолата, олох учуутала диэн ааттыахха сөп.

Өссө А.И.Софронов суруйбут «Олох оонньуура» диэн драмата эмиэ элбэххэ иитэр-үөрэтэр. Онно Уйбаан баай киһи буолуон баҕарар, ол гынан баран ис санаата олус куһаҕан. Кини атын дьон малын-салын уоран ылан байар уонна үөлээннээҕин Дьэкиими балыйан хаайыыга уктарар. Сотору кэминэн Уйбаан хайдах быһыыламмыта биллэн тахсар, кырдьан дьэ өйүн тутар, “куһаҕан да олоҕу олорбуппун» диэн кэмсинэр уонна тиһэҕэр бэйэтигэр тиийинэр.

Киһи куһаҕаны оҥороро бэйэтигэр төннөн кэлэрин өйдүөхтээх. Онон, олох киһинэн дьэ араастаан оонньуур, элбэххэ үөрэтэр учуутал буолар.

Сахабыт сиригэр элбэх да дьоҕурдаах дьон олорон ааспыттара. Бэйэлэрин сатабылларын норуокка иҥэрбиттэрэ, учуутал курдук үөрэппиттэрэ-такайбыттара. Ол курдук, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл уола үҥкүүһүт, олоҥхоһут идэлээх киһи 1958 сыллаахха «Оһуор»үҥкүүтүн туруорар уонна Москубаҕа ыччат бэстибээлигэр баран кыайыы өрөгөйдөөх кэлэр. Кини үөрэппит хамсаныыларын билигин даҕаны тутталлар. Дьэ, бу манныгы  үйэлээх үөрэтии диэн ааттыыллар.

Онон учуутал диэн олох сыаннай кылаат буолар. Хас биирдии суруйааччы, бэлиитик, бэрэсидьиэн, учуонай о.д.а. идэлээх дьон Учуутал эрэ көмөтүнэн олоххо суолларын булаллар.

Сардана Никифорова, 11-с кылаас, Сордоҥноох:

-Учуутал диэн мин өйдөбүлбэр киһини үрдүккэ көтөҕөр, үтүөҕэ талаһыннарар, өйдүөххэр диэри үөрэтэр сүдү киһи. Мин эбэм Анфиса Николаевна учуутал идэлээх буолан, оскуолаҕа киирэрбэр кыра-кыралаан ааҕар да, суоттуур да буолан киирбитим. Билигин төһө да борбуйбун көтөхпүтүм иһин, эбэм миигин наар үөрэтэр-такайар.

Сурук-бичик устуоруйатын таарыйар буоллахха, былыргы Римҥэ кыра саастаах оҕолор арифметика уруогар үөрэнэллэрэ. Кинилэр латыынныы эрэ буолбакка өссө грек тылынан саҥарарга үөрэнэллэрэ. Онтон улахан саастаах оҕолор историяны уонна поэзияны сэҥээрэн үөрэтэллэр эбит. Бастакы букубаар XVI үйэҕэ тахсыбыт.

Аахпыт айымньыбыттан холобур аҕалар буоллахха, Николай Денисович Неустроев 1927 сыллаахха айбыт «Балыксыт» айымньытыгар ааптар күһүн бултуу сылдьан, тыаҕа Былатыан оҕонньор үүтээнигэр тиийэн кэлэрэ ойууланар. Онно Былатыан оҕонньор уопуттаах балыксыт буолан, эдэр киһини илиминэн, туунан бултуурга үөрэтэр…

Ол курдук, олохпут тухары оскуолаттан, үөрэтэр учууталларбытыттан саҕалаан, барытыгар үөрэ-көтө ситиһиилээхтик үөрэнэбит. Билигин үөрэхтээх эрэ киһи ону-маны ситиһэр кыахтаах. Былыр билиҥҥи курдук элбэх оскуола суоҕа.

Мин үөрэх туһунан санаатахпына, харахпар Платон Алексеевич Ойуунускай суруйбут  «Оҕо куйуурдуу турара” диэн айымньыта көстөн кэлэр. Тоҕо диэтэххэ, ити айымньыга Ойуунускай бэйэтин суруйаахтаабыт. Кыра сылдьан Тааттаҕа Халымнаайы күөлүгэр ала кулуну төрөтө-төрөтө (тоҥо-тоҥо) эбэтиттэн көрдөһөн, аччыктаан мэйиитэ эргийэ-эргийэ «үтэлээ, эбэ, үтэлээ» — дии дии куйуурдаан сордонон, эрэйдэнэн үөрэх ылбыт суруйааччы буолар. Аҥардас итини аахтахха, киһи хараастар уонна үөрэҕи, үөрэх биэрэр учууталлары өссө күүскэ таптыыр, ытыктыыр буолар.

Түмүкпэр маннык санааҕа кэллим: учуутал диэн  идэ  суоҕа эбитэ буоллар, дьон-сэргэ, норуот  быста-быста салҕанар, тимирэ-тимирэ күөрэйэр, өлө-өлө тиллэр олоххо олоруо этэ.

Читайте дальше