Улуус дэлэгээссийэтэ Аммаҕа Олоҥхо Ыһыаҕын былаанныыр тэрээһинигэр кытынна

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһуттан сэттэ киһилээх дэлэгээссийэтэ быйыл Амма улууһугар ыытыллар Олонхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытыллар кэмпириэнсийэҕэ кытынна.

Пленарнай мунньахха мин 2023 с. Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт “Айыы санаа айана” Олоҥхо Ыһыаҕын концепцията, онно киирбит сүрүн идиэйэлэрэ улуус стратегическай сайдыытыгар ситимнээн оҥоһуллубутун туһунан кэпсээтим.

Ол курдук, Саха сирин сайдыытын өр сыллаах былааныгар улууспут Хотугулуу-Илиҥҥи бырамыысалыннай уокурук аҥардас сырьевой базатын курдук ыйыллыбытынан, Саха сирин 2040 с. дылы сайдар стратегиятыгар племенной сылгы  иитиитин киллэрэри туруорсан эрэбит. Олоҥхо Ыһыаҕын кэмпириэнсийэтигэр Россияҕа сылгыны үөрэтэр институт дириэктэрэ А.М. Зайцев кыттыыны ылбыта. Мин “Өймөкөөн — сылгылаах дойду” диэн Ыһыах аһыллыытын туруоруутугар дьүһүйүү көдьүүстээҕин сырдаттым.

Салгыы “Аар Айылҕа Ытык эргиирэ тулхадыйбатын!” диэн Олоҥхо Ыһыаҕын өссө биир идиэйэтин, дьокутааттар кыттыылаах ыһыах кэмигэр ыытыллыбыт «Тымныы киинэ» төгүрүк остуол түмүгүнэн «Особый климатический статус Полюс Холода» диэн сытыы проблеманы ситиһэр сорук турбутун билиһиннэрдим.

Саха чулуу дьонун ааттарын үйэтитэр сыалтан олох тутула духуобунас уонна материальнай эйгэттэн турарынан, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө уонна Н.О. Кривошапкин-атыыһыт Кырбаһааҥкыҥҥа, ону тэҥэ төрүт култуураны, олоҥхону үйэтитиигэ үлэлээбит Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Болоҕо махтал тыллара анаммыттарын санаттым.

Саха сирин түөрт Улуу сиһэ саҕаланар сиригэр, халҕаһа хайаларынан күрүөлэммит олгуйга, тымныы сүрэ үөскүүр Чысхаан дойдутугар — Өрөгөйдөөх Өймөкөөҥҥө — 2023 сыл куйаас сайыныгар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар Саха сирин устуоруйата саҥа үйэҕэ үктэнэр алгыһа түспүтэ, Дьөһөгөй оҕото кыынньар кымыһы уулаан, кистээн дьигиһиппитэ диэн саха саҥалаах өйдүө-саныа диэн этиибин киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ түмүктээтим.

Аксиния Сивцева, улуустааҕы Култуура управлениетын начаалынньыга

Читайте дальше