Аммаҕа тэриллэр Олоҥхо ыһыаҕар 19 эбийиэк тутуллуоҕа

Амма улууһугар быйыл ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕар барыта 19 эбийиэк тутуллуоҕа. Билигин үлэ былаан быһыытынан баран иһэр.

Ол туһунан «Саха» НКИХ ханаалыгар бырабыыталыстыба отчуотугар бэрэссэдээтэл солбуйааччыта Сергей Местников иһитиннэрдэ.

«Бэлэмнэнии толору киэбинэн баран иһэр. Тэрийэр кэмитиэт үлэлиир, тэрээһиннэр бырагыраамалара бигэргэммитэ. Олохтоохтор өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыаҕы ыытарга толору үлэлэһэллэр. Нэһилиэктэргэ иистэнэллэр, айаллар-туталлар. Бу барыта бырааһынньыгы тэрийиигэ улуус олохтоохторун сомоҕолоһуутун көрдөрөр», — диэтэ Сергей Местников.

Кини эппитинэн, ыһыахха 19 эбийиэк тутуллар. «Тутуу өссө былырыын саҕаламмыта. Бэдэрээччик сылаас күннэр туралларын күүппэккэ, үлэни тохтоло суох ыытар. Тымныы кэмигэр ыскылааттарга тутууга туттуллар элеменнэри оҥорон бэлэмнэтэлээтэ, билигин ону миэстэтигэр таҥар үлэни ыытар. Онон эбийиэктэр болдьоҕор тутуллан бүтэн, биһиги сүрүн национальнай бырааһынньыкпыт үрдүк таһымҥа ааһыаҕа диэн эрэнэбин», — диэтэ Местников.

Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһугар бэс ыйын 20 — 21 күннэригэр буолуоҕа.

Читайте дальше