Убаастабыллаах Өймөкөөн оройуонун олохтоохторо, күн күбэй ийэлэр, эйэҕэс эбээлэр, эдьиийдэр уонна балтылар!

Эһигини салаллан кэлбит сандал саас бастакы кэрэ бырааһынньыгынан – Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу күн эһиэхэ сибэкки дьөрбөтүн уунан тапталбытын, ытыктабылбытын, киэн туттарбытын биллэрэн истиҥник махтанар күммүт.  “Ыал – ийэтинэн” диэн саха норуотун ох тыла мээнэҕэ этиллибэт. Былыр-былыргыттан саха дьахтарын мындыр өйө, толкуйа, талба талаана уос номоҕор кэпсэнэр. Ийэ киһи ыал эйгэтин бэйэтин ыраас санаатынан, мындыр өйүнэн, билиитинэн-көрүүтүнэн, тус сатабылынан тутар. Уопсастыбаҕа дьоһун суолталаах дьаһаллары быһаарыыга эһиги оруолгут кыайан сыаналаммат,  муударай өйгүтүнэн-санааҕытынан ил эйэни тэлсэргэ  тирэнэр тирэхпит буолаҕыт.

Бүгүн хаһааҥҥытааҕар даҕаны, эһиги билиигит-көрүүгүт, эппиэтинэскит, талааҥҥыт, таптыырга, таптатарга, олоҕу уонна дьолу түстүүргэ айылҕаттан ананан кэлбит аналгыт ордук оруоллаах буоллулар. Эһиги уйан санныгытыгар олохсуйан олорор оройуоҥҥут, элбэх ахсааннаах омуктаах өрөспүүбүлүкэбит эрэ буолбатах, бүтүн дойдубут иллээхтик олоруутун дьылҕата сүктэриллэр.

Күндү амарах санаалаах алаһа дьиэ арчыһыттара, алаһа дьиэ ымыылара ийэлии кыһамньыгытынан саха норуотун инники кэскилин, сарсыҥҥы саргытын  түстэһиҥ, дьиэ кэргэн нус-хас, уйгулаах олохтоох иллээх-эйэлээх буоларыгар өйгүтүн-санааҕытын ууран инники күөҥҥэ сылдьыҥ.

Күндү кэрэ аҥардарбыт, эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, ыраас тапталы, байылыат олоҕу баҕарабын. Үлэҕит-сырыыгыт ситиһиилээх, алгыһынан арыаллаах, арчынан айхаллаах, инникигит кэскиллээх буоллун!

Российскай Федерация сенатора  Сахамин Афанасьев

Читайте дальше