Сүрэҕин баҕатынан

Өймөкөөн улууһун ытыктанар бэтэрээн-учуутала Вера Афанасьевна Аммосова соторутааҕыта Томтор нэһилиэгин «Иис бөлөҕө» түмсүүтүн иистэнньэҥнэригэр  быысапканан көбүөр анньыытыгар маастар-кылаас тэрийэн ыытта.

Вера Афанасьевна лоп курдук этиллибит бириэмэтигэр толору маллаах суумкатын тутан, ииспит хоһугар киирэн кэллэ. Кини бу иннинэ нэһилиэнньэҕэ интэриэстээх хаһаайкаларга быысапка бу көрүҥүн эмиэ үөрэппит этэ.

Дьэ, киһи эрэ болҕомтотун тардар, ураты кэрэхсэбиллээх иис буолан биэрдэ. Вера Афанасьевна олус холкутук, тиийимтиэ гына, аналлаах иннэҕэ хайдах сабын угарыттан саҕалаан, хас биирдии сииги бэлиэтии көрөн-көннөрөн, мустубут дьону үөрэттэ.

Биһиги урут билбэтэхпитин арыйан, санаабыт көнньүөрэн, билии-көрүү эбинэн, күммүтүн сэргэхтик,  туһалаахтык атаардыбыт.

Вера Афанасьевна сүрэх баҕатын күүһүнэн уратыны, айылҕатынан чугастык ылынарын  өйүгэр ойуулаан таһаарар мындырынан араас кээмэйдээх көбүөрдэри о.д.а эриэккэс оҥоһуктары илиитин сылааһын тиэрдэн тикпитэ ахсаана сиппэт элбэх буоллаҕа.

Сатаан уруһуйдаабаппын диэтэр даҕаны, кини араас орнаменнары салапааҥҥа ойуулаан баран таҥас үрдүгэр ууран, кумааҕы нөҥүө көбүөр анньан таһаарыахтаах матырыйаалыгар түһэрэр эбит.

Бу курдук аҕам саастаах дьоммут дьиэ түбүгүнэн эрэ муҥурдаммакка, биирдэ бэриллэр олохтон кэрэтин иҥэринэн, үөлээннээхтэрин кытта истиҥник алтыһан, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһаллара кэрэхсэбиллээх, үөрүүлээх

Дария Тихомирова, общ.корр., Томтор

Читайте дальше