Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 18 ойуур баһаарын умуруордулар

Сүрүн управление сэттэ ойуур баһаарын анал хонтуруолга ылла.

Сууккаҕа 55 тыһыынча га иэннээх 18 ойуур баһаарын умуруордулар уонна 43,4 тыһ. тахса га иэннээх 13 баһаары төгүрүйдүлэр. Сүрүн управление сэттэ ойуур баһаарын анал хонтуруолга ылла.

Авиалесоохрана иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 392 тыһ. тахса га уопсай иэннээх 59 ойуур баһаара уонна атын категориялаах сирдэргэ биир баһаар баара бэлиэтэнэр.

Умуруорууга 1317 киһи кыттар уонна биир кэлим систиэмэттэн (РСЧС) 125 тиэхиньикэ үлэлиир.

«Сууккаҕа умуруоруу үлэтин түмүгэр баһаар ахсаана уонна иэнэ 38,2 тыһ. ганан уонна биэс баһаарынан аччаата. Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Үөһээ Дьааҥы, Абый, Бүлүү уонна Ленскэй оройуоннарга уустук балаһыанньа турар. Дьокуускайга биэдэмэстибэ икки суудуната баар, бүгүн Ленскэй оройуоҥҥа туттуллаллара былааннанар», — диэн ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын сүрүн управлениетын салайааччыта Павел Гарин эттэ.

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр Саха сиригэр салгыны 57 чинчийдилэр. Чинчийии түмүгүнэн салгын хаачыстыбата нуормаҕа тэҥ.

Космостан көрүү-истии (НЦУКС) түмүгүнэн, Абый, Муома, Кэбээйи, Горнай, Ленскэй, Үөһээ Дьааҥы, Нерюнгри, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү уонна Нам улуустарын 35 нэһилиэнньэлээх пуунугар буруо баара бэлиэтэнэр. Нэһилиэнньэ буруонан, угарнай гааһынан атырабыы буолар балаһыанньата үөскүү илик.

СИА саайтан

Читайте дальше