Арассыыйаҕа биллэриллибит Педагог уонна Уһуйааччы сылын иитинэн улууска «Мин бастакы учууталым» аахсыйа ыытыллар.
Светлана Босикова, учуутал, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Төрүт:
— Мин оскуола боруогун атыллаан маҥнайгы кылааска киирбитим быйыл оруобуна 50 сыла буолла.
Ханнык баҕарар киhиэхэ бастакы оскуола, маҥнайгы учуутал кини инники олоҕор, дьылҕатыгар ураты суолталаах дииллэрин курдук, мин олохпор «үөрэх», «оскуола», «учуутал» диэн тыллар бастакы миэстэҕэ тураллар.
Мин учуутал идэтин талан үлэhит буолуохпуттан маҥнайгы учууталбын Галина Григорьевна Горчакованы кытта күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри чугастык алтыhан бииргэ үлэлиибит, биир дьыаланан дьарыктанабыт.
50 сыл анараа өттүгэр балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолаҕа кэлэн, бырааhынньыктыы киэргэнэн турарбын бу баар курдук өйдүүбүн. Учуутал эдьиийбин Атласова Фираида Степановналыын сиэттиһэн, оскуолаҕа барбыппыт. Оскуола тиэргэнигэр дьон бөҕө мустубут этэ. Таһырдьа биhигини эдэркээн учуутал көрсүбүтэ. Кини оҕолору киэҥ-куоҥ, сырдык кылааска сиэтэн киллэрэн, миэстэбитин буллартаабыта.
Учууталым Галина Григорьевна киhи быhыытынан олус сэмэй, судургу, көнө чиэhинэй майгылаах.
Галина Григорьевнабыт биһигини үгүстүк тыаҕа илдьэ сылдьара. Бары тэҥҥэ сиэттиһэн хааман иһэн, кини бүппэт остуоруйаларын истэ-истэ суолбутун билбэккэ да хааларбыт.
Учууталбыт начаалынай кылааска үөрэнэрбитигэр чиҥ акылааты уурбута инникитин ситиhиилээхтик үөрэнэрбитигэр, сиэр-майгы өттүнэн иитиллиилээх буоларбытыгар көмөлөспүтэ. Ол да иhин кини үөрэнээччилэрэ үгүстэрэ учуутал идэтин баһылаатылар.
Билигин Галина Григорьевна үөрэнээччилэрэ учууталларын үтүө эрэ тылларынан ахталлар. Онон кини күн сиригэр саамай дьоллоох учуутал буолар.
Мин маҥнайгы учууталым Галина Григорьевна Горчакова үлэбэр үтүө сүбэhит, олохпор бигэ тирэх, үөрүүбүн-хомолтобун тэҥҥэ үллэстэр чугас киhим буолар.
Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕаарыҥ.
Биһиги корр.