Мария Емельянова: бэйэ-бэйэни өйөһүөхтээхпит

Бүгүн Бэрдьигэстээххэ “Эйэ” скверыгар Саха сирин саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова Горнайтан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттар төрөппүттэрин, кэргэттэрин, чугас аймахтарын кытары көрүстэ. Бу туһунан «Үлэ күүһэ» хаһыат сырдатар. 

Хайа ийэ оҕото, тапталлаах кэргэнэ, аҕалара, убайдара, бырааттара инники кирбиигэ сырыттаҕына долгуйуо, сүрэҕэ ытамньыйыа суоҕай. Бары даҕаны ис санаабытыттан эйэлээх олоҕу баҕарабыт. Саллааттары кытары быһаччы көрсө, билсэ сылдьар киһини кытары кэпсэтээри, санааларын тириэрдээри бэрт элбэх киһи кытынна.

Мария Егоровна өссө Чечня сэриитин кэмиттэн бу маннык үлэҕэ ылсан сылдьар. Кини байыаннай дьайыыларга баар уолаттары кытары эрэ буолбакка, Ийэ дойду иннигэр ытык иэстэрин толоро сылдьар эдэркээн ыччаттарбытын миэстэтигэр баран эмиэ көрсөр. Кинини саллааттар иккис ийэбит диэн таптаан ааттыыллар.

Көрсүһүүгэ сулууспалыы сылдьар саллааттар хайдах усулуобуйаҕа олороллорун, кинилэр туохха наадыйалларын кэпсээтэ.

Госпитальга эмтэнэр уолаттарга волонтердар сыаналаммат үтүөлээхтэрин астына аҕынна. Саллааттар кэллэхтэринэ сөптөөх реабилитацияны ааһалларыгар бэйэбит өттүбүтүттэн тэрээһиннээх үлэ ыытыллыахтааҕын эттэ. Ыарахан бириэмэҕэ санааны түһэрбэккэ, бэйэ-бэйэни өйөһөн, көмөлөсүһэн, араас сураҕы-дьаһаҕы итэҕэйбэккэ, түмсүүлээх буоларга ыҥырда.

Читайте дальше