Инники кэскилбит бэйэбититтэн тутулуктаах

– РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин соторутааҕыта Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар биһиги иннибитигэр 2030 сылга диэри турар соруктары бэрт дьэҥкэтик торумнаата. Кини дойду туһугар охсуһар анал байыаннай дьайыы байыастарыгар махталыттан саҕалаан, олох-дьаһах бары эйгэтин таарыйда.

Мин тус бэйэм бэрэсидьиэни күүстээх лидер быһыытынан ылынабын. Кини тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, тыа сиригэр кытта ураты болҕомтотун уурара кэскиллээх сайдыыбыт мэктиэтинэн буолара саарбахтаммат.

Маны тэҥэ дойдубутугар дьиэ кэргэҥҥэ, уһун үйэлэниигэ, ыччакка, үөрэхтээһиҥҥэ, үлэнэн хааччыллыыга, о.д.а. тыын боппуруостарга туһаайан, эбии 5 национальнай бырайыагы олохтонно.

Судаарыстыба баһылыга бэйэтин туһаайыытыгар: “Биһиги, Арассыыйа олохтоохторо, улахан дьиэ кэргэн буолабыт. Дойдум инникитигэр толору эрэллээхпин”, — диэн түмүктээбитэ киниэхэ норуот эрэлин үөскэтэр. Мин санаабар, биһиги бары салгыы күүстээх лидербытын кытта бииргэ буолан, сайдыыны саҕа, кэскили түстэһэ иннибит диэки хардыылыах тустаахпыт.

Уруйдаана Протопопова

Читайте дальше