«2020-2024 сс. Cаха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы» диэн бырагыраама чэрчитинэн түөлбэ тылын чинчийэр эспэдииссийэлэр тэриллибиттэрэ: 2022 с. Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Сунтаарга. Быйыл, 2023 сылга, эспэдииссийэ Нам, Бүлүү уонна Өймөкөөн улуустарыгар үлэлээтэ.
Урукку өттүгэр Өймөкөөннөөҕү фольклор тиэкистэрин С.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло хомуйбута, сурукка киллэрбитэ. Итини таһынан Өксөкүлээх Өлөксөй матырыйаалларыгар эмиэ көһөҥө көмүстүү тыл баайа эмиэ баар. Гуманитарнай чинчийии институтугар Өймөкөөн түбэтин тылын (оймяконский говор) анаан-минээн 1957, 1987 сс. хомуйбут эспэдииссийэ матырыйааллара хараллан сыталлар. Онно бэлиэтэммит тыл барыта 1976, 1995 сс. бэчээттэммит түөлбэ тылын тылдьыттарыгар киирбитэ.
Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын күннэригэр «Көмүс күрүөҕэ» балачча тыл хомуллубута: 2-с Бороҕон (Томтор), 1-гы Бороҕон (Өймөкөөн), Сордоҥноох (Орто Балаҕан), Үчүгэй нэһилиэктэрин дьонуттан. Билиҥҥи кэм сахатын саҥата хайдаҕа 150-ча мүнүүтэлээх аудио-устууга киирдэ.
Бастааҥҥы саба быраҕан ырытыыттан көрдөххө, киин түбэлэргэ (центральная диалектная зона), ордук Таатта түбэтигэр (таттинский говор), чугаһа хаттаан бигэргэннэ. Диалектолог М.С. Воронкин “Саха диалектологиятын очеркатыгар” (1980) бэлиэтээбитин курдук, саҥарар ураты (интонация речи) Бүлүү да, Дьааҥы да, Халыма да түбэлэригэр майгыннаабат.
Холобур, Үчүгэй нэһилиэгиттэн: “… Һиибиктэ диэн тарыҥҥа үүнэр. Кылгас күөх от. Уонна холобур һаас мин өттүүбүн дии. Онно түүлээх (от) үүнэр. Ону һиир. Оту эмиэ һиир. Һаамаай һөбүлүүрэ масленок. Дөбөнньүт диэн тэллэй эбээннии. Хаптаҕаас, моонньоҕоон, күөх отоон үүнэр...” – диэн кэлин сүһүөҕү уһатан, унаарытан саҥарыы баара, биллэн турар, эбээн тылын дьайыытыттан үөскээбит диэн быһаарыллар. Аакайдаан саҥарыы (саха тылын былыргы көстүүтэ) уратыта биирдиилээн тылга биллэн ааһар. Холобур: акымал (окумал оннугар), чаҥкы (чоҥку оннугар), халбый (холбуй оннугар), Хайгыалаах хайата (хойгуо оннугар), хатыыр (хотуур оннугар), о.д.а. Тыл саҥатыгар б/м дорҕооннор солбуйсуулара көстөн ааһар: бөһүөр – мөһүөр, бөһөр – мөһөр (көбүөр). Ити эмиэ түҥ былыргы тыл көстүүтэ буолар.
Уруккуттан тылдьыттарга киирбит тыллар билигин да туттуллаллар: таҥас хаппыт, сүрү ‘рыба валек’, тайах кута ‘жук-дровосек’, уу кыыһа ‘стрекоза’, кыамаайы ‘мошка’, соһолоох ‘ленок’, быргый ‘куобах оҕото’, уйаа ‘уу баһар хомуос’, ыстаҥа ‘кузнечик; кобылка’, о.д.а. Тыл баайа сүнньүнэн булт уонна балык эйгэтин бэлиэтиир тылларга көстөр. Уопсайынан, ыраас сахалыы саҥа орто уонна аҕа саастаах көлүөнэҕэ үрүйэ уутунуу сүүрүгүрэр. Кэнэҕэһин даҕаны оннук буолуо диэн эрэнэбит.
Эспэдииссийэ бу сырыынан эрэ үлэтин түмүктээбэт. Тыл баайын хомуйуу, сахалыы саҥаны үйэтитии тохтообот. Онуоха өймөкөөттөр кэлин да көмө-ньыма буолуохтара диэн эрэл улахан. Тылы хомуйар үлэҕэ кыттыбыт дьоҥҥо барыгытыгар барҕа махтал тылларын хаһыат нөҥүө этэбин.
Егор Николаев, тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун саха тылын салаатын үлэһитэ