Саха омук балаҕаннаах буолан, тыйыс тымныыттан, тыалтан-куустан хорҕойон, аал уотунан араҥаччыланан, омук быһыытынан ордон, сиэрин-туомун, итэҕэлин күн бүгүнүгэр диэри харыстаан илдьэ кэллэҕэ.
Саха дьиэтин булгуччу илин диэки ааннаан оҥостор. Бу – күҥҥэ сүгүрүйүүнү кытта ситимнээх. Бастаан балаҕан түөрт сүрүн баҕаналарын түһэрэллэр, оҥкучахтарыгар сиэл, манньыат уураллар. Тойон баҕананы соҕуруулуу-арҕаа муннукка туруораллар. Тойон баҕана көмүлүөгү кытта биир сүрүн миэстэни ылар.
Бүгүн балаҕан ис тутулун кытта билсиэҕиҥ.