Олоххо көхтөөх позициялаах, үтүө санаалаах, уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктанар ыччаты киһи эрэ хайгыы, киэн тутта көрөр буоллаҕа.
Кинилэртэн биирдэстэринэн Кырыарба Түмэн-Эрилик Филипп уола буолар. Кинини биһиги улууспутугар билбэт киһи суоҕун кэриэтэ. Кини туризмынан дьарыктаммыта номнуо 8 сылыгар барда, «Өймөкөөн-тур» диэн тэрилтэ салайааччыта.
Кырыарба Түмэн-Эрилик Филипп уола соторутааҕыта Сордоҥноох нэһилиэгэр олорор элбэх оҕолоох үс дьиэ кэргэни буор-босхо наадалаах бородууктанан хааччыйда. Бу аһы-үөлү Дьокуускайтан эмиэ Сордоҥноохтон төрүттээх таксист Илгэн Аргыстахов буор-босхо аҕалан биэрдэ.
Аахсыйа сүрүн сыала диэн – элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйөөһүн. Түмэн Кырыарба бу үтүө бачыымы өссө да кэҥэтэр былааннаах.
Түмэн Кырыарба үтүө аахсыйата улууспут атын урбаанньыттарыгар холобур буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ольга Скрыбыкина