2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан, оттон Саха сиригэр — Оҕо сылынан биллэриллибитэ. Икки сыл дьүөрэлэһэн, быйылгы сыл дьиэ кэргэн бары араҥаларын хабар буолбута кэрэхсэбиллээх. Бу быһаарыы дьиэ кэргэни өйүүргэ, бары өттүнэн көмүскэллээх буоларын хааччыйарга туһуламмыта саарбаҕа суох.
2023 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан Өймөкөөн улууһугар 7497 киһи олорор, онтон куорат сиригэр (бөһүөлэктэргэ) — 4439, тыа сиригэр — 3058. Оройуоҥҥа 221 элбэх оҕолоох ыал учуокка турар, олортон 64 – куорат сиригэр, 157 – тыа сиригэр. Былырыын улууспутугар 72 оҕо күн сирин көрбүтэ, ол иһигэр куорат сиригэр 32, тыа сиригэр – 40 оҕо. 2023 сыллаахха улууска 22 паара ыал буолбута, оттон 4 кэргэннии паара 50 сыл бииргэ олорбуттарын кэрэһилээн, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ.
Дьиэ кэргэн уонна оҕо, биллэн турар, быстыспат, биир ситимнээхтэр. Оҕо — дьиэ кэргэн, бүтүн дойдубут кэлэр кэскилэ. Дьиэ кэргэн, оҕо туһугар кыһамньы быйылгы сыл сүрүн соругунан буолан, бу хайысхаҕа үүммүт сыл саҕаланыытыгар эбии саҥа миэрэлэр ылыллыбыттара.
Оройуоннар, улуустар таһымнарыгар эмиэ туһааннаах дьаһаллары торумнууллар. Ол курдук Өймөкөөн улууһугар 2024 сылга аан бастакытын эр-ойох буолар эдэр ыалга 25-тии тыһыынча солкуобайы биэриэхтэрэ. Оттон эдэр ыалга бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ 30 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх харчынан көмө оҥоһуллуоҕа. Бу туһунан тустаах уурааҕы улуус дьаһалтата ылыммытын баһылык э.т. отчуотугар сырдатыллыбыта.
Улуус баһылыгын э.т. социальнай боппуруостарага солбуйааччы Саргылаана Можукова кэпсээбитинэн, Өймөкөөн оройуонугар быйылгы Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылларын тэрийиигэ биир кэлим былаан бигэргэммитэ. Онно сыл аайы ыытыллар тэрээһиннэри сэргэ саҥа дьаһаллар эбиллибиттэрэ. Холобур, «Тыа сиригэр дьиэ кэргэн туризма», «Дьиэ кэргэн уонна бизнес» хайысхаларынан. Саргылаана Николаевна иһитиннэрбитинэн, оройуон үөрэҕин тэрилтэлэригэр оҕо сынньалаҥын уонна үлэлээх буолуутун хааччыйыыга тематическай сменалар баар буолуохтара.
Итини тэҥэ граннар көмөлөрүнэн талааннаах оҕолору өйөөһүн салҕанан барыаҕа. Араас таһымҥа дэгиттэр дьоҕурдарын көрдөрөн талбыт хайысхаларынан улуустарын чиэһин көмүскүүр талааннаах оҕолорго оройуон баһылыгын граннара уонна билигин биһиги кэккэбитигэр суох ытыктыыр биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн депутата Местников Василий Александрович Грана ананыахтара.
Ирина Петрова