Бишкеккэ Максим Кирович Аммосовка анаммыт мунньахха сахалар кытыннылар

Ахсынньы ый 12-13 күннэригэр Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Бишкеккэ түүр омуктар биир уһулуччулаах, биллиилээх общественнай-политическай уонна государственнай деятелэ Максим Кирович Аммосовка аналлаах «ХХ-ХХІ үйэлэргэ нацияны уонна обществоны үөскэтиигэ лидердэр оруоллара» диэн норуоттар ардыларынааҕы научнай-практическай конференция аан бастаан тэриллэн ыытылынна.

Бу улахан, киэҥ таһымнаах тэрээһини Кыргыз, Казах, Саха Өрөспүүбүлүкэлэрин түөрт үөрэҕирии уонна наука тутаах тэрилтэлэрэ, ол курдук: Жусуп Баласагын аатынан Кыргыз национальнай университета, Ишеналы Арабаев аатынан Кыргыз судаарыстыбаннай университета, Казах Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын академиятын Чокан Валиханов аатынан история уонна этнология института уонна Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бииргэ бэлэмнээн, тэрийэн ыыттылар.

Конференция үлэтигэр Саха сириттэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салалталаах делегация кыттыыны ылла, суруйда Ил Түмэн пресс-сулууспата.

Тэрээһин туһунан сиһилии @iltumen саайтыгар ааҕыаххытын сөп.

Читайте дальше