Ытыктабыллаах Өймөкөөн улууһун олохтоохторо!

Эһигини Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ньиэмэс халабырдьыттарын утары сэриигэ төһө да сору-муҥу, өлүүнү-сүтүүнү көрүстэр, өстөөх иннигэр сөһүргэстээбэтэх, кырыктаах кыргыһыыга кыайбыт, нацизмы үлтүрүппүт, эйэлээх халлааны бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьон иннигэр сүгүрүйэбит. Улуу норуоппут кыайыытыгар хас биирдиибит ытыктабылы кэрэһилиир үтүө күммүт.

Сэрии кэннинээҕи ыар сылларга урусхалламмыт куораттары урусхалтан өрө көтөҕөн, собуоттары чөлүгэр түһэрбит, норуот хаһаайыстыбатын тупсарбыт тыыл бэтэрээннэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Бу ытык күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Эйэни, этэҥҥэ буолууну, кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабын. Улуу дойдубут үүнэ-сайда турдун. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

           “Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыга                                             Александр ОКОНЕШНИКОВ