Сэдэх кинигэлэри булан аахтаххына улаханнык үөрэҕин, оттон бэлэхтээтэхтэринэ үөрүүҥ үс төгүл үрдүүр. Соторутааҕыта биллиилээх эбээн тылын чинчийээччи Анна Андреевна Данилова “Бытовая лексика эвенского языка” диэн кинигэтин кыыһа Кира Курилова анаан ыыппытын тутан үөрүүм үксээтэ.
Былырыын Томторго ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар анаан эбээн норуотун кыһыҥҥы-сайыҥҥы ураһалара (чооро элбэм, чооро дьуу), чуолаан Өймөкөөн эбээннэрин ураһалара, хайдах буолуохтааҕын үөрэтэргэ А.А. Данилова 1991 с. таһааттарбыт кинигэтигэр киллэрбит уруһуйдарын булан, ХИФУ хотугу филологиятын доцена Варвара Григорьевна Белолюбская-Аркук ыыппыта.
Ол биһиги Ыһыах хотугу норуоттарын түһүлгэтигэр туруохтаах ураһаны тигэрбитигэр улахан көмө, тирэх буолбута. Анна Андреевна бэлэмнээбит дьоҕус кинигэтигэр барыта баар: күннэтэ туттуллар сэп-сэбиргэл, ас-таҥас, булт айан тэриллэрэ, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Муома, Охотскай эбээннэрин ураһаларын уратылара, ураһа каркааһын оҥорорго сиэрдийэлэри үүттээһин, таҥыы, баайыы тиһигэ о.д.а. тустарынан суруллубут.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ, кэргэмминээн Илья Яковлевичтыын устудьуоннуур кэммитигэр Анна Андреевналаахха, Илья землячкатыгар диэн, ыалдьыттыы төһө да салла, дьиксинэ санаатарбын, барсыбытым. Устудьуон оҕолору оччолорго номнуо республикаҕа биллэр ыал, Анна Андреевна кэргэнинээн Гаврил Николаевич-Улуро Адолуун олус сайаҕастык көрсөн, иһирэхтик кэпсэтэн долгуппуттара. Үлэ дьоно биир өрөбүллэрин биһиэхэ анаабыттарын билигин сөҕө, махтана саныыбын.
Киһи үөрүүтэ, эйэҕэстик сыһыаннаһыыта – бу дьол, үйэни өссө уһатар дииллэр. Биһиэхэ бу үтүөкэннээх ыал дьоҥҥо эйэҕэс сыһыаннаһыы үтүө
Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕын.
Марианна ТАРКОВА,
улуустааҕы Аҕыйах ахсааннах норуоттар Ассоциацияларын салайааччыта,
Томтор.