Эдуард Михайлович Романов күн сириттэн барбытын туһунан истэн олус соһуйдубут. Сэтинньи 4 күнүгэр номнуо күн сириттэн барбыта 40 хонуга буолбут. Киһи олоҕо эчи кылгас да буолар эбит: бүгүн баар, сарсын суох…
Эдуард Романов 1963 с. бэс ыйын 12 күнүгэр Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгэр Романовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Бу “Хаhалаахтар” диэн хоролор, I малдьаҕардар-хаҥаластар, тоҥ уустар холбоспут былыргы аҕа уустара буолар.
Эдуард оҕо сааһыттан тэһиттэҕэс өйө, билиэн-көрүөн баҕата көстөрө, тиэхиньикэҕэ интэриэстээҕэ, оонньууга мэлдьи хамандыыр буолара. Сөбүлүүр уруоктара физика, ахсаан, француз тыла, устуоруйа этилэр, хайыһарынан үлүһүйэрэ.
Сайын, окко үлэлии сылдьан, кырдьаҕас оҕонньоттордуун сэлэһэн, сахалыы уус-ураннык саҥарар буолбута.
Ааспыт кыһын Эдуард Михайлович манна үлэлии кэлэ сылдьан, Дьокуускайга буолуохтаах ирбэт тоҥ чинчийиитигэр ананар норуоттар икки ардыларынааҕы билим-кэмпириэнсийэҕэ анаан Тымныы Араҥаччыһыта Чысхаантан көрдөһөн, ирбэт тоҥ харыстабылыгар аналлаах өй-санаа сир дьонугар киирэрин туһугар алгыс оҥотторбута.
Ол түгэниттэн Наталья Сапрунова фотограф хаартыскаҕа түhэрбитэ.
Эдуард миигин бэйэтэ булан билсибитэ. Былааммыт сүнньэ Өймөкөөн улууһун сокуоннайдык «Полюс холода» буоларын ситиһии этэ. Онно сөптөөх баар билим дакаастаабыт матырыйаалларын хомуйан, муспут үтүөлээх. Кини Өймөкөөнү Ирбэт Тоҥ харыстааһыныгар кылаабынай тирэх курдук ылынар диэн өйдөөбүтүм. Символ курдук. Ол иһин манна күүскэ үлэлэһэр былааннааҕа. Олохтоох дьон санаабыт кинилиин биир буолан тута өйдөһөн, быйыл олохтоох кыраайы үөрэтээччи Тамара Егоровна Васильеваҕа түмсэн, хайдах үлэлиэхпитин сөбүн туһунан элбэҕи сүбэлэспиппит.
Сүрүннээччибит Эдуард Романов буолуохтаах этэ. Ол гынан баран, бары хомойуохпут иhин, киһибит олус соһумардык күн сириттэн суох буолан хаалла.
Эдуард бэйэтэ ирбэт тоҥ чинчийиитигэр (проблематыгар) үлэлэһэргэ Саха сирин көҕүлүүр бөлөҕүн тэрийэр баҕалаах этэ.
Бэйэтэ Ирбэт Тоҥу харыстааһын сокуонун биир сүрүн ааптара буолан, өйөбүллээҕэ.
Мин өйдүүрбүнэн, бэрт чаҕылхай киһи кэлэн барда. Киһи да быһыытынан сымнаҕаһа, өйүн-санаатын, идиэйэлэрин киһиэхэ тиийимтиэ гына сэһэргиирэ.
Саха сирэ Аан дойду тымныытын экспортера диэн термини наукаҕа киллэрбитэ элбэҕи этэр.
Үлэлиирин тухары дьоннуун алтыһан, айылҕаҕа урусхаллыыр сыһыаны, тутуу сүрүн нуормаларын кэһиини көрөн, сыыйа өрөспүүбүлүкэ патриоттарын кэккэтигэр киирэн, айылҕаны көмүскүүр үлэҕэ кыттан барбыта. “Өлүөнэ туруук хайалара” өрөспүүбүлүкэтээҕи Айылҕа пааркатын федеральнай бас билиигэ биэриини, Уһук Илиҥҥи гектар сокуонун, химия собуотун тутууну утарар уопсастыбаннай хамсааһыннарга кыттан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун интэриэһин турууласпыта. Биир мэлдьи ыраланар бырайыага – алаастыы быһыылаах “экопоселение” этэ.
Кэлин эспиэр быһыытынан тутулла турар эбийиэктэргэ үлэлээн, ирбэт тоҥ тиэмэтин интэриэһиргээбитэ, олохтоох учуонайдартан уонна патриоттартан бэйэтин хамаандатын тэриммитэ. Ол түмүгэр, Ил Түмэҥҥэ “Ирбэт тоҥ туһунан” СӨ сокуонун барылын киллэрбиттэрэ. Сокуон 2018 с. ылыллыаҕыттан, федеральнай таһымҥа ирбэт тоҥҥо болҕомто ууруллар буолбута, билигин Госдума таһымыгар ылларарга кэпсэтиилэр бараллар.
Өймөкөөн — Тымныы полюһугар үлэтин түмүгүн Дьокуускайга бу саас буолбут Аан дойдутааҕы ирбэт тоҥҥо анаммыт билим кэмпириэнсийэтигэр билиһиннэрбитэ. Тымныы Саха сирэ биһиги планетабытыгар килиимэт балаансатын тутарын, сылыйыыны сэрэтэрин туһунан эппитэ. “Саха сирин ирбэт тоҥугар тымныыны таһаарар айылҕа ландшафтара” диэн тиэрмин кини көҕүлээн туттуллар буолла. Эдуард Романов Аан дойду билимигэр киллэрбит кылаатын сүдү суолтатын өйдүүр наада.
Эдуард ускуустуба, киинэ дьонун кытта билсэрэ, саха устуоруйатын, итэҕэлин үөрэтэрэ. “Тыгын Дархан”, “Хаар кынат”, “Удьуор” киинэлэргэ уһуллубута, сүбэһит быһыытынан сылдьыбыта. Япония тэлэбиидэнньэтин билим-популярнай киинэтигэр уһуллубутунан киэн туттара.
Кини олоҕор саҥаттан саҥаны арыйарын, тугу эрэ дьиктини көрдүүрүн сөбүлүүрэ. Тугу барытын ис дууһатыттан оҥороро. Үгүс боппуруоһу “креативнайдык” быһааран, дьон интэриэһин тардара. Кэнники эрэ кини бэйэтин күүһүн, кыаҕын билинэр буолбута. Тус олоҕор Эдуард дьиэ кэргэнин, оҕолорун, доҕотторун бигэ тирэҕэ, эрэллээх эркинэ этэ.
Олохтон эмискэ эрдэ барбыта барыбытын аймаата. Оҥорбут дьыалата, сырдык ыра санаата, дьоҥҥо көмөтө хаһан да умнуллуо суоҕа. Эдуард дьыалатын салҕааччы хайаан да баар буолуо!
Семен СИВЦЕВ-Өймөкөөн Сэмэнэ