Соторутааҕыта Томтор нэһилиэгэр Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрин “Дойдум дьоно” бырайыактарын чэрчитинэн “Мин историям — мин Өймөкөөнүм» диэн ытык саастаах дьон түмсүүтэ тэриллибитэ.
Онно аҕам саастаахтара манна 14 күн устата күн аайы кэлэн интэриэстэринэн дьарыктаналлар, дууһалыын сынньаналлар.
Түмэли бас-көс тутан үлэлэтэр салайааччы Айталина Иванова бастаан манна сылдьыан баҕалаахтары түмэн, сылаас астаах сандалы тула олорон былаанын билиһиннэрбитэ.
Кини этэринэн, хас биирдии олохтоох киһи дойдутун туһугар үлэлээн киллэрбит сырата, кылаата, үлэтэ-хамнаһа устуоруйаҕа киирэн, сурукка тиһиллэн үүнэр көлүөнэҕэ үтүө өйдөбүнньүк уонна холобур буолан хаалыахтаах.
Бырайыак кыттыылаахтара бу күннэргэ Өймөкөөн нэһилиэгэр баран кэллибит.
Биһигини бу нэһилиэккэ Тамара Васильева арыаллаан илдьэ сырытта. Кини улуус устуоруйатыттан үгүс интэриэһинэйи кэпсээтэ. Самаан сайын чаҕылхай, куйаас күнүгэр итии куттаах Өймөкөөн нэһилиэгин дьонугар ыалдьыттаан сылаас сүүрээнинэн угуттанан, дуоһуйа сынньанан, билиибитигэр билии эбинэн кэллибит.
Аны бу күннэргэ ытык кырдьаҕастар улуус биир кэрэ көстүүлээх, туристар сөбүлээн сылдьар сирдэригэр — “Хороту” күөлгэ баран күүлэйдээн кэллилэр.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Дария Тихомирова,
биһиги общ. корр.,
Томтор