Ыам ыйыгар Федерация Сэбиэтин былаһааккатыгар бастакы Россиятааҕы «Марафон здоровья #ВМЕСТЕЗДОРОВО» телемарафон буолуоҕа.
Доруобуйа марафона быһа эфиргэ регионнар уонна муниципальнай былаастар салайааччылара, куораттар, уобаластар, кыра, орто, бөдөҥ тэрилтэлэр хамаандалара нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа бастыҥ социальнай практикаларын кэпсиэхтэрэ.
Ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ эффективнай уонна инновационнай ньымалары, чөл олоҕу уонна доруобуйаны харыстыыр эйгэни тэрийиигэ мотивациялары билиһиннэриэхтэрэ.
Бу бастакы былаас, бизнес уона уопсастыба нэһилиэнньэ доруобай буолуутугар ситимнээх суолун арыллыыта буолуоҕа. Россия национальнай сыалларын ситиһиигэ биир сомоҕо күүс буолан, биир ньыгыл соругу толорууга туһаайыаҕа.
Хос тэрийээччилэринэн «Здоровые города, районы и посёлки» ассоциация, промышленниктар уонна предпринимателлэр Россиятааҕы сойуустара уонна «Здоровье 360» коммерческайа суох тэрилтэ. Кинилэри Российскай Федерация уопсастыбаннай палатата уонна РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өйүүллэр.