Улуустааҕы “Хотугу сардаҥа” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндиэнин, эрэллээх ааҕааччытын Валентина Прокопьеваны улууска билбэт киһи ахсааннаах буолуо.
Валентина Николаевна “Хотугу сардаҥа” иккистээн күн сирин хайа көрүөҕүттэн улуус хаһыатыгар актыыбынайдык суруйар, үтүө сонуннарын өрүү үллэстэр киһибитинэн буолар.
Валентина Николаевна соторутааҕыта Дьокуускайга ыытыллыбыт “Эвенский круговой танец “Һээдьэ” как объект исторического и культурного наследия Арктики” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла.
Бу улахан суолталаах тэрээһин «Цифровизация языкового и культурного наследия коренных малочисленных народов Арктики» бырайыак чэрчитинэн барда. Дьаһал эбээн норуотун үгэскэ кубулуйбут Һээдьэтин харыстыыр, норуот үгэстэрин сыыппараҕа көһөрөр, төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын сөргүтэр, Арассыыйа, Саха сирин учуонайдарын, кыраайы үөрэтээччилэрин, култуура эйгэтин салайааччыларын, төрүт тылларын илдьэ сылдьар педагогтар, Һээдьэни таһаарааччылар болҕомтолорун тардар сыаллаах-соруктаах ыытылынна.
Тэрээһин кыттыылаахтара эбээн норуотун һээдьэтин философиятын, бу үҥкүү араастаһыытын киэҥник ырыттылар. Һээдьэни өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьааччылар үүнэр көлүөнэ ыччакка маны нэһилиэстибэ быһыытынан хайдах тиэрдэллэрин, кинилэри иитиигэ-үөрэтиигэ һээдьэ суолтатын, култуура эйгэтин үлэһиттэрэ, фольклорнай бөлөхтөр бу сүдү нэһилиэстибэни харыстыылларыгар сыһыаннаах суолталаах боппуруостары ырытыстылар.
Уонна, биллэн турар, кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара һээдьэлээн тэйдилэр, “Долгунча” эбээн норуотун этнофольклорнай бөлөҕүн (сал. А.Е. Абрамова) үҥкүүтүн, төрөөбүт норуотун култууратын илдьэ сылдьааччы, СӨ Култуура туйгуна, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Максим Дуткин һээдьэни таһаарарыттан дуоһуйууну ыллылар.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина