“Хотугу сардаҥаны” кытта кыра эрдэхтэн доҕордоһон

Төрүт орто оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас сал. В.О. Дьяконова) санааларын маннык үллэстэллэр.

Виктор Барашков:

Мин 90 саастаах хос эһэбин кытта, Десяткин Афанасий Ивановичтыын «Хотугу сардаҥа» хаһыаты мэлдьи сурутабыт. Кырдьаҕас эһэм элбэх сонуну билэн миэхэ элбэҕи кэпсиир. Улууска соҕотох сахалыы  хаһыаппытын харыстыаҕыҥ уонна сурутуоҕуҥ!

Ваня Егоров:

Мин эһэлээх, эбэм сахалыы тыллаах хаһыакка сыл аайы суруйтараллар. Ол иһин улуус сонунун билэ, ааҕа олороллор.

Хаһыакка билэр дьонум, биир дойдулаахтарым туһунан ыстатыйа тахсыбытын көрөн үөрэбин.

Оҕолоор, улууспут сахалыы хаһыатын ааҕыҥ, элбэҕи билиҥ!

Евдокия Егорова

Читайте дальше