Халаан уута: Өймөкөөн нэһилиэгэр балаһыанньа уустук, оттон Сордоҥнооххо — ортоһуор

“Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтатын баһылыга Павел Васильев этэринэн, өрүс уута бөһүөлэккэ сыл аайы киирэр буолла, биэрэккэ чугаһаатар чугаһаан иһэр.

Нэһилиэккэ балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи туругунан 4 ыал тэлгэһэтигэр уу киирдэ, бэкээринэ олбуора эмиэ уунан туолла. Оттон сорох дьиэлэри уу эргиччи ылан, олохтоохтор тэлгэһэлэриттэн ырааппат балаһыанньалара үөскээтэ.

Аны туран 70 киһи олорор Хара Тумул учаастагын Өймөкөөн нэһилиэгин кытта сибээстиир муоста алдьанан, олохтоохтор  хаайтардылар.

Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр баар муосталары эмиэ халаан уута сууйан алдьатан эрэр диэн биллэрдэ баһылык П.В. Васильев.

Сарсыарда 9.00 чааска Өймөкөөн эҥэр үрэх уутун таһыма 468 см (критическэйэ — 480) этэ.

Уу таһыма кыралаан эбиллэ турар. Ардах тохтооботоҕуна балаһыанньа уустугурар кыахтаах. Уу таһыма түстэр эрэ чөлүгэр түһэрэр, өрөмүөннүүр үлэни ыытары билиҥҥиттэн толкуйдуубут. Онуоха улуус дьаһалтата эмиэ күүс-көмө буолара наадалаах.

Аны балаҕан ыйын 8 күнүгэр биһигини барыбытын общественнай-бэлитиичэскэй суолталаах улахан тэрээһин — быыбар — күүтэр. Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа Өймөкөөн нэһилиэгэр кииннэнэн үлэлиир. Онон дьону хайдах быыбардатар туһунан боппуруос бакаа аһаҕас турар. Биһиэхэ, кылаабынайа, дьон олоҕо буоллаҕа. Онон үөскээбит балаһыанньаны билигин кэтээн көрөбүт.

Төһө даҕаны уустук балаһыанньа үөскээтэр, Өймөкөөн нэһилиэгэр оскуола, атын да тэрилтэлэр үлэлэрин тохтото иликтэр, бары үлэлииллэр, — диэн иһитиннэриитин түмүктээтэ нэһилиэк баһылыга П.В. Васильев.

***

Оттон Сордоҥноох (Орто-Балаҕан) нэһилиэгэр балаһыанньа туһунан билигин Томторго кэлэ сылдьар баһылык Альберт Вензель маннык кэпсээтэ:

—  Биһиги нэһилиэкпитигэр халаан уута, дьолго, улаханнык тахса илик. Биир ыал олбуоругар уу киириэх курдук буолан иһэн, тохтоото. Нэһилиэккэ билигин биир сүрүн кыһалҕабыт — сибээспит (интернет) быстар мөлтөҕө буолар.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше