Эмиэ быыбар… Хайыыбыт?

«Кэл, олор, кэпсэтиэх» диэччи саха киһитэ наҕылыччы сүбэлэһиэн баҕардаҕына. Ол сиэринэн, бу буолаары турар быыбардар уратыларын, устуоруйабыт сорох ааспыт түгэннэрин кытта холбуу тутан уонна тэҥнээн көрө-көрө, сахалыы ирэ-хоро кэпсэтиэҕиҥ. Тирээн кэлбит быыбардар туһунан Kyym.ru саайтка саха бастакы бэрэсидьиэнин урукку көмөлөһөөччүтэ уонна сүбэһитэ Иван Николаев тус санаатын тиэртэ. 

Бастакытынан, бу кэнники уонунан сылларга саамай уустук кэмҥэ түбэспит быыбар кэмэ кэлбитин толору өйдүөххэ.

Ил Дарханы тэҥэ Ил Түмэни эмиэ талар буоллубут.

Ол аата, арай дьалхаан күүһүрэр, тэнийэр түгэнигэр өрөспүүбүлүкэбит хайа диэки уонна хайдах салаллыан сөптөөҕүн быһаарар дьону талар буоллубут.

1991 с. буолбут бэрэсидьиэн быыбарыгар Михаил Ефимович Николаевы күүскэ өйөөммүт, норуотугар бигэ тирэхтэнэн, сөпкө туруорсан, элбэҕи ситиспитэ, судаарыстыбаны сатарыппыт, дойду олоҕун огдолуппут 90-с сылларга сахалар эстэн-быстан хаалбакка, төттөрүтүн, тутуу баттаһан дэлби сайдыбыппыт.

Дьэ, онно саха мындырын, ырааҕы-киэҥи толкуйдуурун, салалтатын толору өйүүр уонна түмсүүлээх буолар кыахтааҕын көрдөрбүтэ. Ону нууччалар өйдөөбүттэрэ, ылыммыттара. Максим Калашников диэн Арассыыйа импиэрийэтин биир сүрүн идеолога маннык суруйбуттааҕа:

«…Глазам моим открылся удивительный опыт, поставленный тогдашним главой Якутии – Михаилом Николаевым. Скажу прямо: я увидел пример для русского народа. Якуты в начале 90-х не щелкали клювом. Покамест парализованных и оглушенных русских грабили напропалую команды “реформаторов” и “русских” олигархов, отнимая у моего народа сотни миллиардов долларов от вывоза сырья, якуты смогли организоваться и вырвали себе право на часть доходов от экспорта местных алмазов. А на эти деньги создали Фонд возрождения нации и Фонд будущих поколений. Не боясь никаких криков о “нацизме” и “фашизме”. Они отбили и поползновения Чубайса раздробить и распродать все, что только можно – и сохранили многие производственные компании» (мунаарыы үөскээбэтин диэн, тылбааһа суох, хайдах суруллубутунан биэрэбин).

* * *

Иккиһинэн, XIX үйэттэн ыла улахан сэриилэргэ бүтэһиктээх кыайыыны аармыйалар харсыһыылара буолбакка, экэниэмикэлэр кыахтара быһаарар буолбутун билэбит. Ол иһин Аан дойдутааҕы сэриилэргэ Германия – икки төгүл уонна кэлин Япония эмиэ хотторбуттара.

Биһиги 48 судаарыстыбаны утары туруулаһабыт диибит.

Ол дойдуларга 1,2 миллиард киһи олорор, оттон Арассыыйаҕа – 145 мөлүйүөн, онон кинилэр ахсааннарынан биһигиннээҕэр 8,3 төгүл элбэхтэр.

Кинилэр территорияларын ыллахха – 34 мөлүйүөн квадратнай килэмиэтир, оттон Арассыыйа сирэ – 17,2 мөлүйүөн, ол аата, икки төгүл киэҥ территориялаахтар.

Кинилэр баалабай оҥорон таһаа­рыылара – 55 триллион дуоллар, оттон биһиэнэ бүгүҥҥү кууруһунан – 4 триллион дуоллар, ол аата 14 кэриҥэ төгүл кыра.

Итинтэн көстөрүнэн, биһиги дьиҥ­нээхтик сэриилэһэр кыахпыт суох. Ону дойдубут салалтата кимнээҕэр да ордук өйдүүр буолан, Киевтээҕи эрэсиими түргэнник үлтүрүтүөн баҕарбыта кыаллыбата. Дьиҥинэн, Украинаны холкутук кыайыахпытын сөп – дойдубутун бүтүннүү атаҕар туруордахпытына. Оччоҕо ити 48 дойдуну утары быһаччы хапсыһыы буолар, онно хотторуохпутун сөп буолуо дии? Ол иһин быстах эрэ мобилизация биллэриллибитэ, саа тутар кыахтаах эр дьону барытын хомуйбакка.

Уонна Киев, Харьков ыксатыгар турбут сэриилэрбитин таһаарбыппыт, кэпсэтиигэ бэлэммит диэн көрдөрөөрү.

Оттон Украина салалтата уонна Эмиэрикэ өтөрүнэн эйэлээх дуогабары туһэрсэр санаалаахтара көстүбэт. Арай Европа сорох кыра дойдулара, холобура, Венгрия эҥин, сылайдыбыт диэн, сэмээр мөҕүттэллэрэ иһиллэр.

Ол аата?

Салгыы балаһыанньа хайдах-хайдах буолан иһэрэ ситэ чуолкайа суох диэххэ сөп. Араас сабаҕалааһын үгүс, эһиги бэйэҕит да элбэхтик сыымайдаабыт, ырыта санаабыт буолуохтааххыт.

Онон, холобура, 2014 с. Егор Борисовы уонна Эрнст Берёзкины эҥин талбыппытыгар майгынныыр холку быыбар буолар диэн санааттан босхолонуохха наада.

Саха киһитэ, кыһалҕа тирээтэҕинэ, быстах, ыгым санааҕа оҕустарбакка, ыллыктаахтык быһаарынар үгэстээҕэ 1991 с. көстүбүтэ – Михаил Николаев 76,7% куолаһы ылбатаҕа буоллар, федераллар кинилиин адьас аахсыа суох этилэр. Оччоҕо ситиспит сүбэрэнитиэппититтэн туһабыт татым буолуо этэ.

1996 с. Николаев 58,96% эрэ ылбытыгар, федераллар күлүктэригэр имнэнэн баран, элбэх ситиһиибитин төттөрү былдьааһыннара саҕаламмыта, оттон 2001 с. айдааннаах быыбарга Николаевы холкутук туораппыттара.

Оттон баһылыктарын тула мэлдьи кытаанахтык түмсэн олорор татаардары, башкирдары, Кадыровтар саҕанааҕы чеченнэри кытары билиҥҥэ диэри аахсаллар, билинэллэр.

* * *

Үсүһүнэнсахалары хайытар, утарыта туруорар үлэ кэнники сүүрбэ сылга күүскэ ыытылларын өйдүүр кэммит кэллэ. Сыылла сылдьан сыарҕа быатын кэрбээччилэр элбээбиттэрин бары билэбит. Араас улахан бассаап бөлөхтөргө оннук элбэх – үксүлэрэ кимнээхтэрэ ситэ биллибэт, ааттара-суоллара көстүбэт, туох дьарыктаах, биографиялаах дьон буолаллара биллибэт. Кинилэр сүрүн соруктара – өрөспүүбүлүкэбит салалтатын уонна бас-көс, киэн туттар дьоммутун – биллэр-көстөр салайааччыларбытыттан саҕалаан, суруйааччыларбытыгар тиийэ холуннарыынан, Саха сиригэр уонна дойдубутугар туох буола турарын барытын аҥаардастыы хараардан көрдөрүүнэн дьарыктаныы эбэтэр оннук тыллаах-өстөөх дьону тэптэрэн биэрии, аллараа сыҥаах буолуу. Итинник провокатордары кимнээх хамнастыылларын бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ. Улахан кыахтаах, үптээх-харчылаах федеральнай хонтуоралар буолуо дии санаабаккыт дуо? Госдептан да үбүлэнэлээччилэр бааллар, «Көҥүл Саха сирэ» эҥин дэнэр тэрилтэлэр уонна араас куһаҕаны эрэ сырсан, ону бэчээттээн ас таһаарынар суруналыыстар, блогердар. Сорох суруналыыстар бэйэлэрэ ис-истэриттэн киҥнээх буоланнар, көрбүттэрин барытын үрэн ньаҕыйа, ытыра сатыыллар быһыылаах буолбатах дуо?

Онно көнө уонна өс киирбэх саха дьоно олус киирэн биэрэр буоллубут. Хоп-сип, үөҕүү, үөхсүү наһаа сиэри таһынан дэлэйдэ. Былыр биир мындыр саха билгэлээбитин курдук, чабычахтар (хобуоччулар) үйэлэрэ кэллэ дуу?

Тугу барытын наһаа куһаҕан эрэ өттүнэн көрдөрүү, көрүү арахсыбат кыдьыкпыт, күннээҕи толкуйбут сүрүнэ буоллаҕына, сайдар кыаҕа суох омук буолабыт, бытарыйабыт.

Ыһыллыбыт норуоту үүннүүр-тэһиин­ниир судургу, ол иһин итинник үлэ бара турар быһыылаах диэн, син элбэх киһи өйдөөн эрэр курдук. Наһаалаан эрэллэр диэн дьон кэпсэтэр буолбутун бэйэҕит билэҕит. Мэлдьи борук-сорукка сылдьартан киһи сылайар, салҕар, сырдыгы көрүөн, ырааһы саныан, чэбдик салгыны тыыныан баҕарар буолар.

* * *

Төрдүһүнэн, сорох баартыйа дьоно үлүһүйэн туран, түүннэри-күнүстэри федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ былаастарын, Ил Дархаммытын уонна ити “биир ньыгыллар” диэн баартыйаларын баһааҕырдан тахсаллар.

Кинилэр мэлдьи итинник үлэлээн, бар дьон санаатын хараҥа хоско укпуттуу, тула барыта куһаҕан диэн өйдөбүлү үөскэттэххэ, кинилэр баартыйалара – хомуньуустар, сиэрдээхтэр, жириновецтар эҥин сыл аайы кэриэтэ буолар араас быыбардарга элбэх куолаһы хомуйуохтара диэн санаанан салайтараллар.

Оппозицияларга хас да уонунан телеграм-канал, элбэх саайт үлэлиир, быыстала суох “тула барыта сатарыйда, ыһылынна-тоҕулунна, алдьанна-кээһэннэ, олорбуппут сыччах” диэн кулгуйан, улуйан тахсаллар. Итиннэ, баһааҕырдар үлэҕэ, элбэх харчы наада, ону хантан, кимтэн ылалларын толкуйдаан көрүөххэ эрэ. Ити “эһиннибит-быһынныбыт” диэн сымыйаны тарҕатар суруналыыстар ый аайы хас да сүүс тыһыынча солкуобай хамнастаахпыт, дохуоппут миниистирдээҕэр да элбэх диэн, бэйэлэрэ киһиргээн чабыланаллар дии?

Буоллун. Соруктара оннук буоллаҕа.

Оттон биһиги ити баартыйалар аҕы­таассыйаларын уонна баай-талым оппозиция бырапагандыыстарын албын­нарын тоҕо ыраас манньыакка ылына олоробутуй?

Ама да буолбутун иһин, сахалар бэйэбит толкуйбутунан буолбакка, атыттар сыҥалаабыт санааларынан олоробут дуо? «Мындыр саха» диэн киэн туттар дьоһуммут аны сүттэ дуо? «Аҥала саха» диэн ааттанар кэммит кэллэ дуо?

Ньыгыллар да, хомуньуустар да, сиэрдээхтэр да, жириновецтар да, араас популистар-оппозициялар да аҕытаассыйаларын кырдьыктаммакка, бэйэбит норуоппут дьиҥ интэриэстэринэн салайтарыахтаахпыт буолбатах дуо?

ОТТОН ОМУКПУТ ДЬИҤНЭЭХ ИНТЭРИЭҺЭ ТУГУЙ?

Этиһэ-охсуһа, иирсиһэ-киирсиһэ олоруу, үрэйсии-бурайсыы дуо?

Эбэтэр саатар тыҥааһыннаах кэмнэргэ түмсүүлээх, күүстээх, биир турунуулаах омук буоларбытын көрдөрүөх­тээхпит диэн буолбатах дуо?

* * *

Бэсиһинэн, “Москубаҕа хокуоска биэрдэхпитинэ, дьэ, биирдэ биһигини кытта аахсар буолуохтара” диэн акаары санааны тарҕатааччылар бааллар.

Итинник угаайыга ырааҕы кыайан толкуйдаабат дьон киирэн биэрэр.

1928 с. конфедералистар итинник санаанан салайтаран өрө туран кыдыйыллыбыттара. Ол сахтан ыла сахалары националистар эбит диэн туора көрүү киин сэбиэскэй былааска олох официальнай бэлиитикэ буолбута. Ол туох содулламмытын билэбит – сэрии сылларыгар сиэри таһынан элбэх саха хоргуйан өлбүтэ, фроннарга сахаларга сыһыан да хаҕыс соҕус этэ. Ол иһин быһыылаах, наһаа элбэх саха кыргыһыы толоонугар охтубута. Сахаттан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ол саҕана соҕотох Федор Попов эрэ ылбыта. Ону да Днепри бастакынан туораабыт дьоҥҥо аҥаар кырыытыттан Дьоруой аатын биэрэр буоланнар.

Итинник баттабыллаах бэлиитикэни тилиннэрэн, норуоппутун уган биэриини хатылата сатыыр дьону – Эмиэрикэҕэ, Польшаҕа, Грузияҕа, Таилаҥҥа олохсуйбут, кигэ, дойдубутун утары барарга кучуйа олорооччу сахалары, урут Саха сиригэр үлэлии сылдьыбыт убайдары, таайдары уонна кинилэри үтүктэр маннааҕыларбытын – олох кытаанахтык дьарыйар наада буолбатах дуо? Сахалары, бүтүн норуоту, соруйан уган биэрэ сатыылларын өйдүүр уолдьаспата дуо?

Билигин анал байыаннай эпэрээс­сийэҕэ инники кирбиигэ сылдьар сахалары санаатахха, киһи хараастар, сүрэҕэ ыалдьар, харыстыан, араҥач­чылыан баҕарар. Оттон араас баһаа­ҕыр­дыыны, холуннарыыны тарҕатан, кинилэр балаһыанньаларын соруйан мөлтөтө сатыыр сорох дьон нэгэй санаатыттан киһи кэлэйэр.

* * *

Тус бэйэм урут, Штыров саҕана, “сиэрдээхтэргэ” уонна Тумусовка куоластыыр этим. Ол саҕана дойдубутугар тыҥааһыннаах быһыы-майгы суоҕа.

2018 сыллаахха Айсен Николаев диэн эдэр уолбутун өйөөн уонна киниэхэ тирэх буоллуннар диэн, испэр төһө да киллэрбэтэрбин, ити “ньыгылларга” куоластаабытым. Куорат баһылыгын быыбарыгар Евгений Григорьев диэн эмиэ эдэр уолга куоластаабытым, Ил Дархаммытын кытары иирсибэт, дьону хайыппат киһи ини диэн. Ол быыбарга Обедин талыллыбыта буоллар, улахан хайдыһыы тахсыахтааҕа. Онтубут саха омукка улахан охсуулаах буолуохтаах этэ.

Бу сырыыга кимиэхэ куоласпын биэрээри сылдьарбын бэйэҕит да өйдөөтөххүт буолуо. Ил Дархаммыт норуотугар олох кытаанах тирэхтээх, оттон Ил Түмэммит сомоҕо буолуохтаах, оччоҕо туруорсуулара күүһүрэр.

Оттон эһиги туох дии саныыгытый?

Иван Николаев, саха бастакы бэрэсидьиэнин урукку көмөлөһөөччүтэ уонна сүбэһитэ, Сунтаар уонна Таатта улуустарын бочуоттаах гражданина

Читайте дальше