Россияҕа экономика сайдыытын министиэристибэтэ, туриндустрия холбоһуга уонна хайа хайыһарын комплексын, территориялар, сервис Ассоциацията дьиэ кэргэн сылыгар акция биллэрдэ. Элбэх оҕолоох ыаллар дойду хайалаах сирдэрин курортарыгар сынньаналларыгар гостиницаларга чэпчэтиилэри оҥоруохтара.
Ол туһунан дойду бырабыыталыстыбатын саайтыгар сурулунна.
Чэпчэтиини 120 гостиница уонна санаторий оҥорор былааннаах. Этиилэр Russia.Travel национальнай туристическай порталга түмүлүннүлэр. Акцияҕа кыттыһааччылар баҕаларын биллэрдэхтэрин ахсын, испииһэк кэҥээн иһиэҕэ.
Инфраструктура курортарга «Туризм и индустрия гостеприимства» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар.
Экономика сайдыытын миниистирин солбуйааччы Дмитрий Вахруков эппитинэн, акцияны Черноморскай кытылынан, хайа хайыһарын комплекса уонна сылы эргиччи үлэлиир курортар өйөөтүлэр. Ол эбэтэр Краснодарскай кыраай, Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ, Кабардино-Балкария, Хабаровскай кыраай уонна да атын Россия куораттарыгар баар сынньалаҥ кииннэрэ.
ЯСИА саайта