Дьылдьыт Андрей Варламов: илин эҥээргэ сир-дойду кураанныаҕын “сөмөлүөт ардаҕа” өрүһүйдэ

Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига, айылҕаны кэтээн көрөөччү, дьылдьыт Андрей Варламов дойдутугар, Чурапчы Муҥудайыгар, сайылаан баран, куораттааҕы дьиэтигэр кыстыы киирдэҕинэ көрсөн, туох-хайдах сайын ааспытын, булт-ас хайдаҕын туһунан сэһэргэһэр үгэстээхпит. Быйыл дьыл хойутаан, кини айан куһуттан бултуйаары, кэтэһэн-манаһан, соторутааҕыта кэлбитэ.

– Дьэ, айылҕабыт сылтан сыл дьиктитийэн иһэр, – диир Андрей Алексеевич. – Мин бараата дьон өйдүүллэрэ буолуо, оскуолаҕа үөрэнэ барарбытыгар хатыҥ сэбирдэҕэ суйдаммыт буолааччы. Быйыл биир ый хойутаан, балаҕан ыйын 20-тин кэнниттэн хагдарыйда. Күөллэрбит алтынньы 14-дүн, Бокуруоп, кэнниттэн тоҥнулар. Хотуттан балаҕан ыйын бүтүүтэ ааһыахтаах үөл кустар, анды оҕолоро алтынньы ортотугар диэри быстах-быстах, бөлөхтөрүнэн соҕуруу айаннаатылар. Быйыл сир аһа өлгөмнүк үүнэн, мас көтөрө киһи хараҕар көстөр гына биллэрэ буолуо дии санаабытым – мэлигир. Олохтоох туртастарбыт даҕаны тыаттан быкпатылар. Киин, илин эҥээрдээҕи улуустарга куобаҕы бултуур хаһыс даҕаны сылын бобуллан турар эрээри, куобах үөскээбэтэ. Хаарыан булпут симэлийбитэ отут сыл буолла. Оттон куобах кураан эҥээрдээх кыыл эбээт.

Куобах эстиэҕиттэн күһүҥҥү куска сааланарбын сөбүлүүбүн. Куһаҕан – үчүгэйдээх. Кэлиҥҥи сылларга ойуур уотуттан сир чэҥэ ирэн, сир-уот, суол-иис алдьанан, сааскы өттүгэр кусчуттар кэрийэ сылдьан кустууллара тохтоон, быйыл сайын кус төрүү-үөскүү сатаабыт. Кусчуттарга биири сүбэлиирдээхпин: бултуур ыыргыт күөллэригэр хомустаах күөлтэн хомус хойуу сиэмэтин хомуйан аҕалан, күөл кытыытыгар бадарааҥҥа батары баттаан олордуҥ, андаатар сиэбэтэҕинэ, үүнүөҕэ. Хомус үүннэр эрэ кус мустар, сынньанар сир оҥостор. Айылҕаҕытыгар көмөлөһүҥ.

– Куобах угут дьыллары биттэнэн үөскээбэт дуу диэх айылаах. Оҕо эрдэхпиттэн, тураах хаппыт тиит төбөтүгэр олорор эбэтэр баҕа ууттан хонууга тахсыбыт буоллаҕына, булгу ардыыр диэн өйдөбүллээх улааппытым. Билигин, кырдьык, оннооҕор айылҕа дьиҥнээх оҕолоро – кыыл-сүөл, үөн-көйүүр харааччы буккуллубуттар бадахтаах. Андрей Алексеевич, быйыл сааһыары кыһын “уһун кэмнээх өҥ бүтэн, аны кураан эргийдэ” диэн билгэлээбитиҥ. Оттон Алексей Божедонов-Сырдык “быйыл сайын күүстээх тыаллаах, этиҥнээх ардахтар түһүөхтэрин, алаас сирдэр ууга барыахтарын” түүйбүтэ…

– Илин эҥээргэ 12 улахан күөлү үөскэппит уонна 25 тыһ. гектардаах ходуһа, бааһына сири оҥорторбут улахан салайааччы, күнү-дьылы билгэлиир-сылыктыыр идэлээх Максим Николаевич Сибиряков: “Кэнники айылҕаны кэтээн көрөр ыччат тахсыбата. Онон, эйиэхэ эрэнэбин. Киһи эрэ буолларгын, бу дьарыккын быраҕыма. Сыыстаххына, үөҕүөхтэрэ. Эн онно төрүт кыһаныма. Бэл, күн мэҥнээх, үлэлиир киһи сыыһар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалааҕы оҥордоххуна, үйэҥ тухары махтаныахтара, өйдүү-саныы сылдьыахтара”, – диэн миигин, үөрэнээччитин, алҕаан турар. Мин быйылгы сайыны билгэлээбитим, сүнньүнэн, сөп түбэстэ. “Ардаҕы ыҥырар” сөмөлүөт үлэлээбэтэҕэ буоллар, ардыыра саарбах этэ. Оннооҕор Бүлүү улууһугар Лөкөчөөҥҥө самыыр түспэккэ, курааннаабыттар.

Ил Дархаммыт кэмигэр сөптөөх дьаһалы ылан, Чурапчыга бэс ыйын 12, 26-27 күннэригэр этиҥнээх ардахтар түһэннэр, сири нүөлсүттүлэр, туран эрэр аһыҥаны хаптаттылар. Инньэ гынан, илин эҥээрдээҕи улуустарга от өлгөмнүк үүннэ, өтөрүнэн оттоммотох от охсуллан, кэбиһиллэн, былаан туолла. Муҥудай үрдүнэн ардахтатар сөмөлүөт ааһарын чуолкайдык көрдүбүт. Ороскуоттаах даҕаны буоллар, илиҥҥи улуустары кураантан быыһаатылар. Ону тэҥэ сөмөлүөт ыаллыы сытар Уус Маайаҕа ойуур уотун умуруорууга үлэлээн, от ыйын 13, 20 уонна 31 күннэригэр этиҥнээх ардахтары түһэрбитэ. Ону ардах кэнниттэн уулаах буочукаларга бороһуок олорон-сөҥөн хаалбыта туоһулуур. Былыттары ыппатахтара буоллар, айылҕа ардаҕа түспэккэ, улахан хоромньу тахсыаҕа бохсулунна.

– Быйыл күһүн хас даҕаны күн-түүн ньиккирэччи ардаан, сигирээннээн, сир сииктээх, өҥ тоҥно. Айылҕабыт аны сайын эмиэ оччоҕуна быйаҥы-уйгуну түстүүрэ дуу?..

– Сир сиигэ көмөлөһүө эрээри, халлаан дьылын хаһан түмүктүүрүттэн, сааһын хайдах аҕаларыттан тутулуктаах. Тыалыран-кууһуран, тымныйан-тоҥорон, уһуннук хатаатаҕына, сир-дойду кууран-хатан хаалааччы. Быйыл кыһын хаар урукку дьыллардааҕар аһара халыҥ курдуга даҕаны, сааскыта уһаан, халлааҥҥа көппүтэ, сиргэ иҥмитэ биллибэккэ хаалла. Холобур, мин Чурапчыбар сорох алаастар уулара-күөллэрэ оҥоччу уоллулар, аттынааҕы алаастар уунан бычалыйан, оттоппотулар. Чурапчы сэлиэнньэтигэр уруккута аэропуорт сирин дьон дьиэ тутталларыгар уһаайбаҕа быһан биэрбиттэрэ күөл буоллулар, бааһыналар тоһуннулар. 

Үөһэ эппиттэрбэр олоҕуран, туох түмүккэ, санааҕа кэлбиппин билиһиннэриэхпин баҕарабын. От-мас, сир аһа үүнэр кэмигэр айылҕа ардаҕын түһэрбэтэҕинэ, бэс ыйыгар үс төгүллээн уонна от ыйын саҥатыгар ардахтатыыны тэрийэн ыытар сөптөөҕүн быйылгы сайын көрдөрдө, итэҕэттэ. Алаас уонна үрэх сирдэр отторо бэс ыйыгар силигилииллэр. Бу быыһык кэми куоттардахха, от аһыҥа аһылыга буолан, иинэр-хатар. Сир аһа (хаптаҕас, моонньоҕон, отон, дөлүһүөн) сибэккилиир кэмигэр ардах хайаан даҕаны түһүөхтээх.

Түмүкпэр, сүөһүлээх-сылгылаах ыалларга маннык сүбэлиирдээхпин. Кэнчээрилээх, мэччирэҥнээх күһүн хаар уһуннук түспэтэҕинэ эбэтэр халтаҥ буоллаҕына, сүөһү-сылгы уулууругар олус сэрэхтээх, биир сиргэ мустан, муус тостон, ууга былдьаныахтарын сөп. Онон, сылгылар сылдьар ыырдарыгар, сүөһү мэччийэр алааһыгар ойбон тэһэн уулатаргытын сүрэҕэлдьээмэҥ. Быйыл оккут дэлэй. Сүөһүнү быһа түһэрбэккэ аһатыҥ. Идэһэ сүөһүгүтүн уотан-төлөһүтэн баран, 30 кыраадыс тымныйдаҕына, сэтинньигэ сиэҥ. Дьыл туоруур аскытын – сүөһү-сылгы этин, эмискэ түһэр тымныыны кэтэһэн, туттуҥ. Оччоҕо кыһын хоргуннаах миини иһиэххит, эмис этинэн эмсэхтэниэххит. Чэгиэн буолуҥ!

Василий Никифоров