Мас наадатыгар СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин лесничестволарыгар дуогабар баттаһар булгуччуллаах.
- Дьиэ тутууга — 200 куб.мас 20 сылга биирдэ
- ️ Олорор дьиэҕит өрөмүөнүгэр — 30 куб.мас 3 сылга биирдэ
- ️ Уһаайба иһигэр кыра тутууга (сарай, баанньык, гараж) — 50 куб.мас 10 сылга биирдэ
- ️ Даача сиригэр тутууларга анаан — 50 куб.мас 20 сылга биирдэ
- ️ Сайылык сиригэр тутууга — 100 куб.мас 5 сылга биирдэ
- ️ Олорор дьиэҕэ оттук маска 30 куб.мас 1 сыл аайы
- ️ Уһаайба иһигэр баар кыра дьиэлэри оттууга — 30 куб.мас 1 сыл аайы
- ️ Даача дьиэтин оттууга — 15 куб.мас 1 сыл аайы
- ️ Булчут үүтээнигэр оттук маска — 5 куб.мас 1 сыл аайы
Ирдэнэр докумуоннар:
— Паспорт, копията;
— ИНН копията;
— Уһаайба сирин свидетельствотын копията (саҥа дьиэ туттарга, уһаайба иһигэр тутуу ыытарга);
— Уһаайба сирин свидетельствотын, дьиэ свидетельствотын, дьиэ техпаспорын копиялара (өрөмүөн ыытарга);
— Дьиэ техпаспорын копията (оттук маска).
Бу туһунан СӨ экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эрэдээксийэ