Үүт соҕотуопката: тэтим былырыыҥҥыттан ордук эрээри, кыраапыгы ситиспэккэ иһэр

Быйыл от ыйынааҕы тиһэх дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 29 685,40 туонна үүт тутуллан, сыллааҕы былаантан 46,38 бырыһыана туолан иһэр. Былырыын баччаҕа соҕотуопкаламмыт кээмэйтэн 73,25 туоннанан элбэх. Ити гынан баран, кыраапыктан хаалыы улахан: 32 880,40 туонна тутуллуохтааҕа былааннаммыт буоллаҕына, туолуута – 90,28 бырыһыан.

Сыл устатыгар барыта 62 тыһ. туонна үүт соҕотуопкаланарыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 3 млрд 840 мөл. солкуобай (2022 сыллааҕар 740 мөл. солкуобайынан элбэх) угуллубута. Үбүлээһин эбиллиитигэр былырыыҥҥы кээмэйтэн 2 тыһ. туоннанан элбэх үүт былааннаммыта уонна Ил Дархан тус дьаһалынан соҕотуопкаланар үүт 1 киилэтигэр ыстаапка 50 солкуобайтан 60 солкуобайга диэри үрдэтиллибитэ сабыдыаллаата.

Отчуоттанар кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүҥҥэ судаарыстыба боломуочуйатын толорор муниципальнай тэриллиилэргэ субвенция быһыытынан 3 млрд 23 мөл. 409 тыһ. 75,21 солкуобай көһөрүллэн, бүттүүн көрүллүбүт үптэн 79 бырыһыана улуустарга тиэрдилиннэ. Быйыл үүтү соҕотуопкалыыр быраабы 19 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 40 тэрилтэ ылбыта. Саамай элбэх соҕотуопсуктаах Сунтаар (5) уонна Хаҥалас (4). Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Ньурбаҕа, Уус Алдаҥҥа 3-түү, Үөһээ Дьааҥыга, Тааттаҕа, Томпоҕо уонна Дьокуускайга 2-лии тэрилтэлээхтэр. Онтон уратыларга биирдии соҕотуопсук үлэлиир.

Улуустарынан ылан көрдөххө, сыллааҕы былааны толоруу бырыһыанынан Мииринэй (65,68), Кэбээйи (60,40), Сунтаар (55,66), Нам (52,96), Дьокуускай (52,83), Бүлүү (49,95), Хаҥалас (49,53), Ленскэй (49,18), Ньурба (48,79) инники иһэллэр. Оттон биирдиилээн соҕотуопсуктар ортолоругар бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ былааннарын аҥаарын аһарбыттары ааҕар буоллахха: 65,68 %-наах “Новай” ХЭУо (Мииринэйгэ соҕотох соҕотуопсук), 64,51-дээх “Томтор” кэпэрэтиип (Кэбээйи), 61,25-тээх “Ситим” ТХПК (Хаҥалас), 54,93-тээх “Дьулуур” кэпэрэтиип (Ньурба), 52,96-лаах “Эрэл” ТХПК (Намҥа соҕотох), 52,22-лээх “Мүрү Ас” (Уус Алдан), 51,44-тээх “Баай Ас” (Таатта). Балары сэргэ Сунтаар уонна Кэбээйи соҕотуопсуктара бары 50 %-наах кирбиини аһара түстүлэр.

Манна даҕатан, кэтэх ынахтаах ыаллар үүттэрин тутууга соҕотуопсуктартан хастара хайдах үлэлэһэллэригэр тохтуохпун баҕарабын. Быйыл соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр ыал ынаҕын үүтүн бэйэлэрин суоттарыгар атыылаһаллар, ол аата туталларын-туппаттарын бэйэлэрэ быһаараллар. Үөһэ ыйыллыбыт соҕотуопка бүттүүн кээмэйин (29 685,40 туонна) иһиттэн бу отчуоттанар кэмҥэ судаарыстыба өйөбүлэ суох 362,25 туонна тутуллубут. Кэтэх үүтүн тутууга 6 улууска уонна Дьокуускай куоракка 11 тэрилтэ үлэлэһэр.

Бастыҥнара Дьокуускай 124,38 туонна үүтү соҕотуопкалаабыт. Бу иһигэр соҕотуопсук бырааба суох буолан, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан туппат урбаанньыт М.С. Зырянов киин куорат аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар ыалларыттан 78,75 туонна үүтү атыыласпыт. Бу көрдөрүү биирдиилээн соҕотуопсуктарга саамай улаханнара. Дьокуускайга базалаах “Туймаада” ПК ХЭУо 45,63 туонна үүтү туппут. Кэтэх үүтүн тутууга улуустартан Бүлүү кэпэрэтииптэрэ көхтөөхтөр: улуус үрдүнэн 95,25 туоннаны соҕотуопкалаабыттарыттан “Мастаах-Агро” 37,92, “Сыа Бүлүү” 33,18, “Уйгу” 24,15 туонналыыны атыыласпыттар. Ленскэйгэ соҕотох соҕотуопсук “Батамай” ХЭУо 50,13, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Хоту” ТХПК 36,09 уонна  “ЯНП” ТХПК 14,04, Намҥа “Эрэл” ТХПК 41,06, Ньурбаҕа “Илгэ” кэпэрэтиип  17,33, “Өлүөхүмэ кыладабыайа” ХЭУо 13,25, “Хаҥалас-Ас” 20,85 туонналаахтар.

“Отонноотоххо оҥоойук туолар” дииллэринии, ыаллар халлаантан кэлэн түһэр “төбө харчытын” таһынан 12 мөл. 44,72 тыһ. солкуобайы эбии дохуот аахсыбыттар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин астыыр-үөллүүр бырамыысыланнаска салаатын исписэлиистэрэ холобурдаан этэллэринэн, кэтэх ыал киилэ үүтүн “Сыа Бүлүү”, “Туймаада” уонна “Эрэл” 10-нуу, “Уйгу” 12-лии, “Мастаах-Агро” 13-түү, “Хоту” 13,7-лии, “Өлүөхүмэ кыладабыайа” 15-тии, урбаанньыт М.С. Зырянов 16-лыы солкуобайга атыылаһаллар. Көстөрүн курдук, ким ордук көҕүлүүр – обургутук туппут. Ол эрээри, төһө даҕаны буоллун, күөх сайыҥҥа Маҥааччыйата харчы тэбэн биэрэрин ким сириэ баарай. Уонна хаһан?..

Василий Никифоров    

Хаартыска: Ulus.Media архыыбыттан

Читайте дальше