Үүнэр көлүөнэ ыччат умнубатын туһугар…

Сахабыт сиригэр биллэриллибит Үлэ сылын чэрчитинэн Таатта улууһун Дьохсоҕонун дьоно-сэргэтэ Улуу Кыайыыны үлэнэн уһансыбыт дьонноругар уонна Пантелеймон Тулааһынапка анаан искибиэр — Мэҥэ бэлиэ арыйдылар.

Бу саас Тымныы полюһун киэҥник ааттатар кыраайы үөрэтээччи Тамара Егоровна Васильеваҕа бу үлэни сүрүннээччи Татьяна Львовна Попова куйаар ситиминэн тахсыбыт. Кини соругун маннык билиһиннэрбит:

Үлэ дьонун уруйдуур Мэҥэ бэлиэ

«Биһиги холкуоспут дьоно тыыннаах хаалар дьоллоругар, 1943 с. Тааттаҕа Пантелеймон Тулааһынап кэлбитин туһунан биһиги истэ улааппыппыт. Дьоммут Пантелеймону халлаантан түспүт таҥара курдук астынан олорон кэпсииллэрэ.

Быйыл бааһыналар икки ардыларыгар Пантелеймон Тулааһынапка анаан уонна «Комсомуол 20 сыла» холкуос дьонун үйэтитэн, Мэҥэ бэлиэ туруорар былааннаахпыт. Бу биһиги, ол холкуос дьонун оҕолоро, сиэннэрэ, үлэбитин саҕалаатыбыт уонна Пантелеймон Тулааһынап дьиэ кэргэниттэн, хаан аймахтарыттан бааллара буолаарай диэн Эйиэхэ сибээскэ таҕыстыбыт. Күһүн, аһыллыытыгар, баҕар, биир эмэ хаан-уруу дьонуттан ыҥырыахпытын баҕарабыт».

Мин бу туһунан Тамара Егоровнаттан истээт, Дьокуускай куоракка олорор дьүөгэбэр Варвара Никифоровна Туласыноваҕа биллэрбитим. Кинини Өймөкөөн, Томтор олохтоохторо өйдүүр буолуохтаахтар. Туласынова Евдокия Яковлевна (Пантелеймон Тулааһынап балта) соҕотох оҕотун Станислав Михайлович (Өймөкөөн оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ) кэргэнэ Варвара Никифоровна өр кэмҥэ физика учууталынан, оскуолаҕа тэрийээччинэн үлэлээбитэ.

Пантелеймон Яковлевич Тулааһынап 1916 с. Өймөкөөн улууһун Тарын Үрэх нэһилиэгэр төрөөбүтэ (1964 с. Тарын бөһүөлэгин көһөрөн Төрүккэ кииннииллэр). Аҕата Тааттаттан төрүттээҕэ.

Паана Тулаааһынап 1935 с. педагогическай техникуму бүтэрээт, 19 саастааҕар үлэтин Кэбээйи 5 кылаастаах оскуолатын сэбиэдиссэйинэн саҕалыыр.

Пантелеймон Яковлевич Тулааһынап сүрдээх кылгас кэмҥэ да олордор (баара-суоҕа 33 сыл), Саха сирин лирик-поэтынан биллэрэ. Бастакы хоһооно «Пионер бойобуой ырыата» 16 саастааҕар «Эдэр большевик» хаһыакка, бастакы кинигэтэ «Көҕөрбүт ньургуһун» 1938 с. бэчээттэммиттэрэ, уопсайа кини айымньылара (хоһоонноро, поэмалара) 5 хомуурунньугунан тахсыбыттара.

1935-1960 сс. хоһоонноро ырыа буолан кынаттанан киэҥник тарҕаммыттара, ол кэминээҕи ыччат уостан түһэрбэккэ ыллыыр буолара. Ыһыах аайы «Толору кымыстаах чороону көтөҕөн» диэн тыллардаах «Кымыс ырыата» ылланара.

Бу ырыаны Төрүт сценатын бэтэрээнэ, көмүс куоластаах Ньукулай Захаров толоруутугар истэн, номнуо хас да көлүөнэ ыччат үүнэн таҕыста. Билигин төрөөбүт дойдутугар ырыанньык-поэт аатын Төрүт нэһилиэгин кулууба сүгэр, дириэктэр Надежда Босикова уҕараабат элбэх, сонун, интэриэһинэй хайысхалаах үлэтинэн улууспутугар биллэр.

Поэт бүтэһигин төрөөбүт дойдутугар Тарыҥҥа 1948 с. Халымаҕа командировкаҕа айаннаан иһэн таарыйан ааспыт. Ол туһунан ийэбиттэн Крылова Ульяна Кононовнаттан истибитим. Оччолорго кини эдэркээн кыыс Тарын сельсоветыгар сэкирэтээринэн үлэлиирэ.

Таатталарга умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларбыта

Биир дойдулаахпыт Пантелеймон Яковлевич Тулааһынап Таатта улууһугар умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларбытын Өймөкөөн дьоно билбэккэ да хаалыахпытын, Таатта Дьохсоҕонун олохтоохторо Мэҥэ бэлиэ туруоран, сырдаттахтара.

1941 сыл сааһыгар Таатта оройуонун үрдүнэн 6868 га сиргэ бурдугу ыспыттара ити сайын курааннаан, туох да үүммэккэ аччыктааһын, хоргуйан өлүү саҕаламмыт. 1942 сыл сааһыгар бурдук ыһар сир иэнин кэҥэтэн 8239 гааҕа бурдугу ыспыттара эмиэ курааннаан, күһүн гааттан ортотунан баара-суоҕа 86 киилэ бурдугу хомуйбуттар. Кураан күн-дьыл туран Тааттаҕа оҕолуун-улаханныын аччыктаан-хоргуйан, киһи-сүөһү бөҕө өлбүтүн туһунан сэрии кэминээҕи дьон кэпсээнин Таатта оҕолоро истэ улааппыттар.

1943 с. П.Я. Тулааһынап САССР Үөрэххэ народнай комиссариатыгар култуурунай-сырдатар үлэ секторын начаалынньыгынан үлэлиир кэмэ. Үрдүкү салалта быһаарыытынан кини Дьокуускайтан боломуочунай быһыытынан Таатта Дьохсоҕонугар «Комсомол 20 сыла» холкуоска ыһыыга тиийэр.

Тааттаҕа кэлээт, дьон хайдах туруктаах олороллорун билсээт, маннык буорайбыт дьоннорунан хайдах да ыһыыны ыстарар кыаллыбатын тутатына өйдөөбүт. Баар балаһыанньаны тупсарарга, бурдук ыһыытын былаанын хайаан да толорор туһугар, сэрии ыар сылларыгар холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар Саввин Николай Власьевичтыын сүүрэн-көтөн, Илья Егорович Винокуровка (САССР миниистэрдэрин бэрэссэдээтэлэ) тиийэ туруорсан, холкуостаахтарга бэриллэр нуорма астарын эптэрэн, дьон-сэргэ санаатын өрө көтөҕөллөр.

Олохтоох дьоннуун бурдугу ыһыы сүрүн хайысхаларын үлэтин сүбэлэһэн-торумнаан, күүрээннээх үлэ саҕаланар.

 

Зоя ОКОНЕШНИКОВА, кыраайы үөрэтээччи, Уус-Ньара

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Читайте дальше